Федеральнай киин хамсык ыарыы тарҕаныытыттан эмсэҕэлээбит култуура тэрилтэлэрин салгыы өйүөҕэ. Бу сырыыга, 2,2 млрд элбэх харчыны тыйаатырдары, мусуойдары, кэнсиэр уонна быыстапка саалаларын өйөөһүҥҥэ аныаҕа. Маннык дьаһалга бырабыытылыстыба бэрэссдээтэлэ Михаил Мишустин илиитин баттаата.
Анаммыт харчыттан 1,2 млрд солкуобай Култуура министиэристибэтэгэр барыаҕа. Салгыы Министиэристибэ бу харчыттан бас билэр тыйаатыр-кэнсиэр тэрилэтэлэрин үбүлүөҕэ. Хаалбыт харчыттан 606 млн. солк. мусуойдарга барыаҕа.
Туһунан харчы — 196 млн. Арассыыйа Улахан тыйаатырыгар анаатылар, өссө хаалбыт 197 млн. суумманы Судаарыстыбыннай Эрмитаж галереятыгар барыаҕа.
Коронавирус ыарыыта култуура тэрилтэлэригэр улахан хорумньуну аҕалла. Пандемияттан сылтаан кэнсиэр, тыйаатыр саалаларын быһаҕас гына толороллор, улахан тэрээһиннэр буолаллара да аҕыйаата. Ол да буоллар, тэрилтэлэр бары хамнастаах үлэһиттэрдээхтэр, уот-уу харчытын, нолуогу, төлүү олороллор.
Онон култуура салаатын өйүүр сыаллаах, сэтинньи 11 күнүгэр буолбут, бырабыытылыстыба мунньаҕар эбии үбүлээһини көрдүлэр. Харчыны дойду резервнэй пуондатыттан ылыахтара.
«Култуура салаатыгар бу биһиги маҥнайгы көмөбүт буолбатах. Пандемияттан эмсэҕэлээбиттэргэ салгыы даҕаны көмөлөһөр былааннаахпыт«, — диэн Михаил Мишустин бэлиэтээтэ.
Дойду бырабыытылыстыбата бу сыл алтынньытыгар судаарыстыбыннай цирк тэрилтэлэрин, резервнэй пуонда 624 млн харчытынан өйөөбүтэ, диэн санатабыт.