22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Коронавируһунан ыалдьыы хартыыната уларыйда

16:01, 27 июля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Коронавируһунан ыалдьыы хартыыната уларыйда. Өскөтүн урут ордук эдэр дьон ыалдьыбыт эбит буоллаҕына, билигин саастаах дьон ыалдьара элбээтэ. Дьон ордук үлэтигэр сылдьан ыалдьар буолла, маныаха эпидемиологическай сымнааһын, дистанционнай үлэттэн офиска тахсыы төрүөтүнэн буоллулар диир, доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Оскуола оҕолоро тыаҕа барыылара вирус тарҕанарыгар эмиэ төһүү буолар. Билигин өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар 12 тыьыынчаттан тахса оҕо сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар тиийэн сылдьар. Хомойуох иһин Дьокуускайтан тиийбит оҕо 20 киһини сутуйбут түгэнэ баара.

Айылҕаҕа элбэхтии буолан сынньаныы эмиэ вирус тарҕаныытыгар тиэрдэр. Өскөтүн сынньанааччылар истэригэр ыалдьыбыт киһи баар буоллаҕына 20-30 киһи тутатына контакка киирэр. Ону эбии түөрт киһиэхэ төгүллээтэххэ сүүсчэ контактаах киһи тахсан кэлэр.

Миниистир өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар, ордук тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан ыарыыттан сэрэтэр дьаһаллары сымнаппаттарыгар, дьону эрдэ офиска таһаарбаттарыгар сүбэлиир. «Ыалдьар дьон ахсаана аҕыйаабытын иһин ыарыы эрэгийиэҥҥэ бүтэ илик», — диэтэ кини. Уоппуска кэмин учуоттаан коронавируһунан ыалдьыы саҥа түгэннэрэ атын эрэгийиэннэртэн кэлиэхтэрин сөп диэн сабаҕалааһын эмиэ баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА