Бу күннэргэ СӨ култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирин 1-кы солбуйааччыта Афанасий Ноев Өймөкөөн улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэниигэ туһуламмыт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы тэрийэн ыытта.
Сүрүн тэрээһиҥҥэ министиэристибэлэр эппиэттээх салайааччылара Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин хайдах ыыта сылдьалларын иһитиннэрдилэр.
Икки өрүс туорааһыннаах
СӨ тырааныспарын уонна таксинан пассажирдары уонна таһаҕаһы тиэйиигэ эрэгийиэннээҕи судаарыстыбаннай хонтуруол дэпэртээмэнин кылаабынай исписэлииһэ Сергей Кривошапкин мунньахха иһитиннэрбитинэн, Өймөкөөҥҥө ыһыахтыы барааччылар икки өрүһү – Өлүөнэни уонна Алданы туоруулларыгар 14 поруом үлэлиэҕэ. Сөмөлүөтүнэн олоҥхоһуттар көтүөхтэрэ. Агаякан уонна Сунтаар муосталара өрөмүөннэниэхтэрэ. Маны таһынан, мунньах кыттыылаахтара айаҥҥа сыһыаннаан, ыһыах ыытыллар “Көмүс күрүө” этнографическай комплексыттан нэһилиэккэ, ипподромҥа диэри дьону тиэйии-таһыы боппуруостарын ырыттылар.
Биллэн турар, биир мунньаҕынан айан үгүс тирээн боппуруоһа быһаарыллыбата чахчы. Онон туһааннаах салайааччылар салгыы бу боппуруостары сиһилии дьүүллэһиэхтэрэ.
Тэрээһиннээх ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэр
Ыалдьыттары түһэрии боппуруоһугар улуус баһылыгн э.т. Александр Иванов иһитиннэрии оҥордо:
– Томторго бары социальнай эбийиэктэр ыалдьытары түһэриигэ бэлэмнэр. Ол курдук, 400 миэстэлээх орто оскуолаҕа олоҥхоһуттар, ас-үөл бэлэмнэһинин үлэһиттэрэ, кэлии волонтердар уонна «Саха» НКИХ 30 суруналыыһа уонна тиэхиньиичэскэй үлэһитэ, тыйаатырдар артыыстара, дьүүллүүр сүбэ эспиэрдэрэ түһүөхтэрэ. Спорт оскуолатыгар – бастакы этээскэ кэлбит ыалдьыттары регистрациялааһын буолуоҕа.
Иккис этээскэ – Ил Түмэн үлэһиттэрэ уонна хаһыат уонна интэриниэт таһаарыыларын суруналыыстара түһүөхтэрэ. Оҕо ускуустубатын оскуолатыгар режиссерскай-постановочнай бөлөх олохсуйуоҕа. Манна култуурунай тэрээһин мунньахтара буолуохтара. Култуура дьиэтигэр 60 бэрээдэги араҥаччылааччылар түһүөхтэрэ. Оҕо уһуйааныгар 100 култуурунай тэрээһиннэргэ кыттар оҕо иитээччилэрин кытта олоруохтара. Өймөкөөн орто оскуолатыгар «Үс кут — үс сэргэ» хамсааһын кыттыылаахтара түһүөхтэрэ. Маны тэҥэ, 29 ыалдьыттары түһэрэр дьиэлэри Томторго уонна Өймөкөөҥҥө бэлэмнииллэр. 5000 ыалдьыт «Балаакка куоратыгар» олоруохтара.
Ыалдьыттар шатердарга аһыахтара
Предпринимательство, эргиэн уонна туризм миниистирин солбуйааччы, Олоҥхо ыһыаҕар атыы-эргиэн уонна аһааһын боппуруостарыгар хамыыһыйа салайааччыта Максим Прокопьев бэлиэтээбитинэн, 1500 киһи (тэрээһиннэргэ кыттар, сырдатар, хааччыйар үлэһиттэр) тэҥинэн үс киэҥ-куоҥ шатерга аһыаҕа.
«Оройуоннары кытта билсэ олоробут. Кинилэргэ түһэ сытар «Балаакка куоратыгар» (палаточный городок) аһыыр сиргэ — эмиэ үс улахан шатер тардыллыаҕа. Онно тула хорчуоппалар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиэхтэрэ. Ким бэйэтин массыынатынан тиийбит дьон онно күнү быһа аһыы сылдьыахтара«, — диэн эттэ Максим Михайлович.
Өймөкөөн сиригэр аан бастаан…
Култуурунай тэрээһиннэри “Олоҥхо” тыйаатырын дириэктэрэ Мария Турантаева сырдатта. Ол онтон сүрүннэрин билиһиннэрдэххэ, Өймөкөөн улууһугар буолар Олоҥхо ыһыаҕар бу иннинэ ханнык да улууска буола илик маннык улахан тэрээһиннэр аан бастаан ыытыллыахтара:
- Быйыл Дьөһөгөй сылынан сибээстээн, Сылгыһыттар түһүлгэлэрэ баар буолуоҕа. Онно 36 улуустан саха атын симэхтэрин быыстапката буолуоҕа. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Яна Игнатьева салайар “Симэх” галереята улахан үлэни ыыта сылдьар. Манна аатырбыт айанньыт, саха атын ааттаппыт Дугуйдан Винокуров ыалдьыттары кытта көрсүһэр тэрээһиннэрэ ыытыллыаҕа. Үчүгэй сылгыһыта экстремальнай усулуобуйаҕа айаннаабыт айанын туһунан документальнай киинэтин көрдөрүү буолуоҕа.
- Саха сирин улуустарыттан 100 киһи кыттыылаах сахалыы, нууччалыы, эбээннии уонна английскайдыы тылынан Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун уһун тыыннаах ааҕыы II өрөспүүбүлүкэтээҕи марафона ыытыллыаҕа.
- Норуоттар сомоҕолоһууларын түһүлгэтин арыйыы буолуоҕа. Онно «Үүнэр үйэ үрдэлэ» омук общиналарын култуурунай сэһэн-сэппэн түһүлгэтэ буолуоҕа.
- Үрэх Төрдө историческай сиргэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 99 сыллааҕыта ыспыт Ил ыһыаҕын сэргэтин аттыгар баар Саха балаҕаныгар норуот бөлүһүөктэрэ кыттыылаах сэһэргэһиилэр буолуохтара.
- Өймөкөөн нэһилиэгэр 1-кы гильдиялаах меценат-атыыһыт Н.О. Кривошапкин уһаайба-дьиэтигэр «Кэлэр кэм кэрэһиттэрэ» сэһэн-сэппэн түһүлгэтигэр урбаанньыттар уонна наука эйгэтин үлэһиттэрэ кыттыылаах сэһэргэһиилэр буолуохтара.
- Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар түһүлгэлэрин арыйыы сиэрэ-туома ыытыллыаҕа.
- «Мэнэн торэн» аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тылынан уус-уран айымньыларын толорууга күрэс буолуоҕа.
- Көлүүр таба симэҕин киэргэлин көрүү «Турки орални һанисаклитан иэсчимэчэк»
- «Уруйдан, улуу Олоҥхобут!» олоҥхону, нимнканы, нимнгаканы толорууга күөн-күрэс
Олоҥхо ыһыаҕын мобильнай сибээһинэн хааччыйыы курдук сүрүн боппуруоһу бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников таһымыгар быһаарыллыаҕа.
СӨ култуура уонна духуобунас сайдыытын миниистирин 1-кы солбуйааччыта Афанасий Ноев:
— Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунковы кытта көрсүһүүгэ сылдьан баран, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕар ыҥырдым. Онуоха кини бэйэтин көмөлөһөөччүтүгэр эрийэн, “мин былааммар киллэриҥ, Олоҥхо ыһыаҕар Өймөкөөҥҥө хайаан да кэлэбин” диэн эппитэ. Ил Дархан Айсен Николаев «Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекункову кытта ыһыахха тиийэбин» диэн эмиэ эттэ. Онон РФ бырабыыталыстыбатын салалтата таһымнаах улахан суолталаах Олоҥхо ыһыаҕа буолаары турар, — диэн сонунунан тэрээһин мунньаҕы түмүктээтэ.
Ыам ыйын 18 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын солбуйааччыта, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников Томторго оробуочай сырыынан тутуу үлэтин хаамыытын кытта баран билсиэҕэ.
Источник: Сайт «Саха сирэ»