Өймөкөөн оройуонугар икки күннээх «Полюс Холода — Оймякон» экстремальнай кыһыҥҥы марафон түмүктэннэ. Планета саамай тымныы сүүрүүтүгэр салгын температурата -50 кыраадыс. Тэрээһиҥҥэ 50 спортсмен 13 улуустан уонна Россия 16 регионуттан кытынна. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.
-50 кыраадыс тымныыга 50 км ультрамарафоҥҥа кыайыылааҕынан Өлүөхүмэттэн Александр Моедо буолла. Кини чэпчэки атлетикаҕа спорт маастара, ис дьыала уорганын сотруднига.
42,2 км дистанцияны бастакынан Хаҥалас улууһуттан Леонид Зыков ылар. Кини — ЫБММ сотруднига, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа, мини-футболга өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чемпиона уонна призера, “Полюс холода – Оймякон” марафон полумарафон дистанциятыгар икки төгүллээх муҥутуур кыайыылаах.
Бастакы күҥҥэ бастыҥнарынан буоллулар: 5 км — Полина Слободчикова (Сунтаар), 10 км — Алексей Кузько (Дьокуускай), 15 км — Эдуард Ксенофонтов (Хатас) уонна 21,1 км – Алексей Герасимов (Дьокуускай).
«Марафон кыттыылаахтарынан киэн туттабын, инникитин да ситиһиилэри, саҥа кыайыылары баҕарабын!», — диэтэ Ил Дархан.
Санаттахха, марафон Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар, Россияҕа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сылларыгар ананар.