Туймаада ыһыаҕа быйыл онлайн киэбинэн ыытыллар. Ити эрээри үгэскэ кубулуйбут «Дыгын оонньуулара» буолуохтара. «Туймаада» стадиоҥҥа көрөөччүтэ суох бэс ыйын 26-27 күннэригэр ыытыахтара. 12 бастыҥ спортсмен кыайыы уонна сүрүн бириис — 1 000 000 солк — иһин киирсиэхтэрэ. СИА инфографика бэлэмнээтэ. Манна кыттааччылар көрдөрүүлэрэ киллэрилиннилэр. Атлеттар сыл аҥарын устата араас күрэхтэһиилэргэ кытыннылар.