2022 сылга регионнааҕы медицинскэй тэрилтэлэри аныгы реабилитационнай оборудованиенан хааччыйыыга федеральнай бүддьүөттэн 8,2 миллиард солкуобайы аныахтара. Бу үбү үллэрии быраабылататын бырабыыталыстыба уурааҕар таһаарбыттара муус устар 5 күнүттэн үлэҕэ киирэр, диэн «Парламентская газета»иһитиннэрдэ.
Үбү «Доруобуйаны чөлүгэр түһэриигэ сөп түбэһэр медицинскэй реабилитация» федеральнай бырайыак чэрчитинэн тыырыахтара.
Субсидияны ылааччылар критерийдэрин туруордулар. Кинилэр ортолоругар араас көрүҥнэри реабилитациялыыр отделение баар. Ону таһынан медицинскэй реабилитациялааһыҥҥа кыттар үлэһиттэри үлэнэн хааччыйыы 70 бырыһыаныттан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Барыта 2022-2024 сылларга регионнарга медицинскэй реабилитациялааһын 1350-тан тахса отделениетын, ону тэҥэ 130-ча хонуктаах стационары олохтуурга эбэтэр тупсарарга былааннаатылар.