22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: Саха сирэ Путин социальнай газификацияҕа биэрбит сорудаҕын олоххо киллэрэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 18 күнэ. Айсен Николаев «Биир кэлим Арассыыйа» баартыйаттан Алдан оройуонун баһылыгын быыбарыгар кыайбыт  Александр Викторович  Шестопаловы эҕэрдэлээтэ. Кини быыбардааччылар куоластарын 52,45% ылан эрэллээх кыайыыны ситистэ.

«Александр Викторович Шестопалов – бэртээхэй хаһаайыстыбанньык,  өр сыллар усталарыгар «Лена» федеральнай суол дирекциятын салайбыта. Кини Алдан оройуонун олохтоохторун итэҕэллэрин   толоруоҕа диэн бигэтик эрэнэбин», – диэн этиллэр Ил Дархан эҕэрдэтигэр.

Муус устар 18-19 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга бу күннэргэ дойду тэбэр сүрэҕэр – Москва куоракка үлэлээтэ. Айсен Николаев үлэтинэн сырыытыгар федеральнай биэдэмэстибэлэр уонна тэрилтэлэр салайааччыларын кытта көрсөн эрэгийиэн олох-дьаһах уонна экэниэмикэ өттүнэн сайдыытын ыйытыыларыгар кэпсэтиилэри ыытта.

Итини сэргэ кини Федерация Сэбиэтин иһинэн үлэлиир Уһук Илин, Арктика уонна Антарктика боппуруостарыгар Сэбиэт мунньаҕар кытынна. Манна Хотугу муора суолун сайыннарыы стратегическай аартыктарын ырытыы буолла.              

Муус устар 19 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа сырыытын чэрчитинэн Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Галина Карелованы кытта көрүстэ. Салайааччылар хоту таһаҕаһы тиэйиигэ аналлаах сокуону ылыныы боппуруостарын уонна Хотугу муоранан суолу сайыннарыы 2035 сылга диэри былаанын туһунан кэпсэттилэр.

«Биһиги Хотугу муоранан суол сайдыытын кытта хоту таһаҕаһы тиэйии эрэ буолбакка, Арктикаҕа бырамыысалыннай кииннэр боппуруостара эмиэ быһаарыллыахтара диэн эрэнэбит. Улахан суолталаах ыйытыыларынан аварийнай-быыһыыр систиэмэни модернизациялааһын уонна аварийнай-быыһыыр флоту тэрийии буолар. Маннык күүстэр Илиҥҥи Арктикаҕа баазаланан турар биир кииннэринэн Тиксии пуорт буолуон сөп. Биһиги бу пуорду модернизациялыырга былаанныыбыт», – диэн эттэ Ил Дархан.

Муус устар 19 күнэ. Айсен Николаев Москваҕа дойду Федеральнай мунньаҕын Федерациятын Сэбиэтин иһинэн үлэлиир Уһук Илин, Арктика уонна Антарктика боппуруостарыгар Сэбиэт мунньаҕар кытынна. Манна Хотугу муора суолун сайыннарыы боппуруостарын көрдүлэр. Мунньаҕы  Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, парламент үөһээҥҥи балаататыгар Уһук Илин, Арктика уонна Антарктика боппуруостарыгар Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Галина Карелова салайан ыытта.  Хотугу муора суолун сайыннарыы уонна кини дойдуга оруолун туһунан кэпсэтиигэ дойду Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков, «Росатом» госкорпорация  Хотугу муора суолугар дирекциятын салалтата, федеральнай министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ, сенатордар, итиэннэ арктическай эрэгийиэннэр салайааччылара кытыннылар.  Айсен Николаев тыл этэригэр өрөспүүбүлүкэ порт инфраструктуратын сайыннарыыга этиилэрин иһитиннэрдэ уонна Хотугу муоранан суолга биир тутаах пуордунан Тиксии буоларын, бу пуорду сайыннарыыга улахан болҕомтону ууруохха наадатын бэлиэтээтэ.

«Тиксии Арктическай зонаҕа дойду көмүскэллээх буолуутун бөҕөргөтүүгэ уонна Хотугу муора суолугар биир аварийнай-быыһыыр киин быһыытынан олус улахан суолталаах», – диэн тоһоҕолоон эттэ Ил Дархан.

Иккис улахан суолталааҕынан Айсен Николаев Черскэйгэ баар Зеленомысскай өрүс пуордун ааттаата. Бу пуорт суолтата  Чукоткаҕа Баимскай рудалаах зона сайдыытын кытта сибээстээх.

«Биһиги Саха сирин арктическай зонатын сайыннарыыга бырайыактарбыт кэлэр сылларга грузовой бааза лаппа улаатыытыгар тиэрдиэхтэрэ. Тиксиигэ 20 мөлүйүөн тоннаҕа тиийдэҕинэ, Найба дириҥ уулаах пуордун тутуу боппуруоһа туруоҕа», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Арктическай зонаҕа пуорт инфраструктуратын сайыннарыыга этиилэр Хотугу муора суолун көдьүүһүн улаатыннарыыга туһуланар эбит буоллахтарына, өрөспүүбүлүкэҕэ ити киэҥ сиринэн тайаан олорор дьону-сэргэни хааччыйар туһугар транспортнай-логистическай ыллыктары кэҥэтиигэ, итиэннэ дойду таһымынааҕы бөдөҥ инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ наада.

Өрөспүүбүлүкэ этиилэрин парламент үөһээҥҥи балаататыгар Уһук Илин, Арктика уонна Антарктика боппуруостарыгар Сэбиэт быһаарыныыларын бырайыагар киллэрдилэр. Докумуону киирбит этиилэринэн ситэрэн баран, дойду бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр ыытыахтара.

Муус устар 20 күнэ. Бу күн Ил Дархан Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр үлэлээтэ. Үлэтинэн сырыытыгар Айсен Николаев аан маҥнай Саха сиринээҕи топливнай-энергетическай хампааньыйа оҥорон таһаарар эбийиэктэригэр сырытта. Тэрилтэ салайааччыта Андрей Коробов сууккаҕа 10 мөлүйүөн кубическай миэтирэ гааһы аһарар кыамталаах гааһы кэлимник бэлэмниир установканы көрдөрдө. Бу эбийиэктэн куурдуллубут гаас магистральнай турбанан өрөспүүбүлүкэ киин улуустарыгар уонна Бүлүү бөлөҕүн оройуоннарыгар барар.

Итиэннэ салайааччылар бөртөлүөтүнэн көтө сылдьан хампааньыйа түөрт тутулла турар скважиналарын көрдүлэр уонна 22-с скважинаҕа үүттээһини саҕалыыр тэрээһиҥҥэ кытыннылар.

«Акционердара уларыйыаҕыттан Саха сиринээҕи топливнай-энергетическай хампааньыйа үлэтэ уларыйда. Ити оҥорон таһаарыыга, экологияҕа сыһыаныгар уонна олох-дьаһах өттүттэн эппиэтинэһигэр көстөр. Саппааһы улаатыннарыыга үлэ үчүгэйдик барара көстөр. Эрдэ 350 млрд кубометр диэн эбит буоллаҕына, билигин  560 млрд кубометров туһунан кэпсэтии барар. Бэрт сотору саппаас триллион кубометрга тиийэрэ буолуо дии саныыбын. Ити Охотскай муора кытылыгар тахсыылаах Саха сиринээҕи илиҥҥи газовай бырайыагы саҕалыырга кыаҕы биэриэҕэ. ЯТЭК бүгүн куһаҕана суох көрдөрүүлээх», — диэн эттэ Айсен Николаев.

Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сиринээҕи топливнай-энергетическай хампааньыйа олох-дьаһах өттүнэн эппиэтинэһин чэрчитинэн модернизациялаабыт Кыһыл Сыыр орто оскуолатыгар сырытта, үлэһиттэригэр туппут саҥа кыбаарталын, Бүлүү өрүһүн үрдүгэр оҥорбут сынньанар сирин баран көрдө.

Ол курдук, хампааньыйа Кыһыл Сыыр оскуолатыгар өрөмүөн ыыппыт, хас биирдии кылааһыгар вентиляция киллэрбит. Материальнай-техническэй баазатын тупсарыы чэрчитинэн саҥа миэбэл, хас биирдии кылааска компьютер, интерактивнай дуоска уо.д.а атыылаһан биэрбит. Туалеттары өрөмүөннээбиттэр, спортсаала сыгынньахтанар сирдэригэр душ кабиналарын оҥорбуттар. Маны сэргэ оскуолаҕа саҥа автобус ылан биэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.

Итини таһынан ЯТЭК бөһүөлэк биир сүрүн уулуссатын сырдатыы систиэмэтин реконструкциялаабыт, ыччаттарга уонна оҕолорго анал трассалаах уонна тренердэрдээх мотокулууп арыйбыт. Ону үрдүнэн хампааньыйа Кыһыл Сыырга маҕаһыыннары уонна спортивнай былаһааккалары арыйарга былаанныыр.

Муус устар 20 күнэ. Айсен Николаев Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр сырыытын чэрчитинэн «Кыһыл-Сыр — 84 км» магистральнай гаас турбатын  үһүс утаҕын тутуу саҕаланыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр кытынна. Ил Дархан хамаандатынан сварщиктар гаас турбатын бастакы сыстыытын холбоотулар.

«Биһиги бүгүн өрөспүүбүлүкэ газовай бырамыысалыннаһыгар историческай тэрээһиҥҥэ кэлэн турабыт. Бу тутуу 2024 сылга бүттэҕинэ, Саха сирин эниэргийэнэн уонна гааһынан хааччыйыы систиэмэлэрин эрэллээх буолуулара лаппа үрдүөҕэ. Ити өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар улахан төһүү буолуоҕа, гааска ситимигэр саҥа дьиэлэри, социальнай эбийиэктэри, промышленнай тэрилтэлэри холбуур кыаҕы бириэҕэ», — диэтэ Айсен Николаев.

84 км усталаах үһүс утаҕы тутуу Саха сирин киин уонна Илин эҥэр улуустарын, ол иһигэр Дьокуускай куораты, быстыбат гааһынан хааччыйыаҕа.  Билигин бу оройуоннар Орто Бүлүүтээҕи гаастаах сиртэн 1967 сыллаахха тутуллубут икки утаҕынан хааччыллан олороллор. Саҥа утах тутулуннаҕына, Саха сирин тыһыынчанан олохтоохторо дьиэлэригэр гаас киллэриэхтэрэ, оттон тэрилтэлэр оҥорон таһаарыыларын улаатыннарар кыахтаныахтара.

«Бүгүн, кырдьык, улахан тэрээһин буолла – биһиги «Кыһыл Сыыр — 84 км» гаас турбатын үһүс утаҕын тутууну саҕалаатыбыт. Бу гаас магистральнай турбатын тутуу өссө 1999 сыллаахха саҕаламмыта. 15 сыл устата барыта 380 км тутуллубута, онтон аҕыс сыл кэриҥэ бу боппуруос быһаарыллыбакка турбута. Бу олус улахан суолталаах эбийиэк. Биһиги дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин социальнай газификацияҕа биэрбит сорудаҕын олоххо киллэрэбит. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын ыйыытынан 2000 аҕыйаҕа суох дьиэни гааска холбуохтаахпыт», — диэн эттэ «Сахатранснефтегаз» хампааньыйа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников.

Эбийиэк барыллаан сыаната 5,4 млрд солкуобай. Айсен Николаев, Госдума дьокутаата Галина Данчикова, бырамыысалыннас министиэристибэтэ уонна «Сахатранснефтегаз» хампааньыйа федеральнай былаас уорганнарын кытта утумнаах үлэлэрин түмүгэр федеральнай бүддьүөттэн бу тутууга 2,8 млрд солкуобайы биэрдилэр. Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн манна 1,352 млрд солкуобай уонна АО «Сахатранснефтегаз» инвестиционнай бырагырааматынан бэйэтин үбүттэн 1,296 млрд солкуобай көрүлүннэ.

Маныаха «Кыһыл-Сыыр – 84 км»  гаас тубата «Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар – 100 эбийиэги» бырагыраамаҕа киирэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Муус устар 21 күнэ. Айсен Николаев олохтоох салайыныы күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Олохтоох салайыныы норуокка саамай чугас былаас уоргана буолан, судаарыстыба сайдыытыгар оруола сүҥкэн. Дойду саамай бөдөҥ эрэгийиэнигэр олорорбутунан, нэһилиэнньэлээх пууннарбыт бэйэ-бэйэлэриттэн сүүһүнэн биэрэстэ тэйиччи сыталлар. Ол иһин биһиэхэ олохтоох салайыныы ураты тиһигэ үөскээн турар. Миэстэтигэр боппуруостар төһө түргэнник, сөпкө быһаарыллалларыттан олох-дьаһах хаамыыта тутулуктаах. Маныаха  нэһилиэнньэ бэйэтэ быһаччы кыттыһар, этиилэри, туруорсуулары киллэрэртэн саҕалаан бырайыактар туолууларын хонтуруолуур. Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл балаҕан ыйыгар хамсыктан сылтаан тохтобул кэниттэн муниципальнай тэриллииллэр сэбиэттэрин IX сийиэһэ ыытыллыаҕа. Онно олохтоох салайыныыга тирээн турар боппуруостары ырытыахтара.

Муус устар 21 күнэ. Ил Дархан эрэгийиэн экэниэмикэтэ бигэ туруктаах буолуутугар анаммыт суһал ыстаап мунньаҕар тутуу уонна тастан киирэр  табаары солбуйуу боппуруостарын көрдө. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин кулун тутар ыйдааҕы көрдөрүүтэ былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ ордук. Ол эрээри инники өттүгэр элбэх үлэ күүтүллэр. Айсен Николаев тутууга хантараак быһыытынан көрүллүбүт абаансаны хойутаппакка уонна толору кээмэйинэн биэрэргэ сорудахтаата. Хааччахтааһынынан тас дойдулартан киирэр табаары  солбуйууга  Кытайы уонна Турцияны кытта ыытыллар үлэни күүһүрдэргэ туһааннаах миниистэристибэҕэ ыйда.

Муус устар 21 күнэ. Ил Дархан бэйэтин Ыйааҕынан СӨ баайга-дуолга, сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирин бастакы солбуйааччытынан Ньургустаана Пахомованы, СӨ тырааныспарга, суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччытынан Анатолий Потаповы анаата.

Муус устар 21 күнэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ туризмы сайыннарыыга бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх инвестиция үс сүрүн бырайыага олоххо киирэр. Ил Дархан  Дьокуускай аэропордун саҥардыы,  бастакы түөрт сулустаах гостиница комплексын тутуу уонна  «Өлүөнэ очуостара» туризм кластерын сайыннарыы боппуруостарын көрдө. Аан дойду таһымнаах пуорт терминалын саҥардыыны бырабыыталыстыба бары өттүнэн өйүүр.  Пуорт тулатынааҕы сир дьоҥҥо табыгастаах гына оҥоһуллуохтаах. Ил Дархан Дьокуускай куоракка тутуллуохтаах түөрт сулустаах бастакы гостиница бырайыагын тупсарарга эттэ.  Хаҥалас улууһун Батамайыгар  тэриллибит «Өлүөнэ очуостара» туризм комплекса кэҥиэхтээх. Бастакы эбийиэктэригэр дьон биһирээн сынньанар. Онно тиийэр суолу тутуу бырайыагын оҥорорго Айсен Николаев сорудахтаата.

Муус устар 22 күнэ. Ил Дархан терроризмы утарыы боппуруостарга хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Эрэгийиэҥҥэ олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр үлэлэригэр уонна бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэргэ нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыга чопчу дьаһаллары ырыттылар. Быраабы утары дьайыылары сэрэтиигэ тохтоотулар.

Муус устар 22 күнэ. Айсен Николаев улуустар уонна куорат уокуруктарын баһылыктара кыттыылаах олохтоох салайыныы Сэбиэтин ыытта. Дьон дьарыктаах, дохуоттаах буолуута инники күөҥҥэ туруохтааҕын санатта. Өрөспүүбүлүкэҕэ экэниэмикэ бары хайысхатыгар 15,5 млрд солк. кэриҥэ көмө оҥоһулунна. Муус устар 28 күнүгэр Ил Түмэн мунньаҕар бүддьүөткэ уларытыылары көрүөхтэрэ. Хас биирдии муниципальнай тэриллии нэһилиэнньэҕэ, урбааҥҥа көмө оҥоруутугар чуолкай былааннаах үлэлиэхтээх. Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии, суолу уонна социальнай эбийиэктэри тутуу тус хонтуруолга тутуллуохтаах. Сааскы халаан уутугар, ойуур баһаарын сэрэтиигэ миэстэтигэр баһылык эппиэтинэһи ылан, бэлэми хааччыйыахтаах. Быйыл ойуур баһаарын сэрэтиигэ, умуруорууга федеральнай үп кээмэйэ 5,6 төгүл үрдээтэ, баһаары умуруорууга үлэлиир бөлөх 1119 киһиэхэ тиийэ улаатта,  анал тиэхиньикэ ахсаана элбээтэ. Ол эрээри бэрэбиэркэ түмүгүнэн сорох улуустар ситэ бэлэмэ суохтара көстүбүт. Нэһилиэнньэлээх пууннары кыйа анал балаһа 71% эрэ оҥоһуллубут. Айсен Николаев ойуур баһаарыгар толору бэлэм уонна хонтуруоллуур туһааннаах уорганнартан сэрэтиини ылбатах муниципальнай тэриллиилэргэ олохтоох бүддьүөтү тэҥнээһинҥэ эбии үбүлээһини көрөр тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.

Муус устар 22 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ сүүс сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн Дьокуускайга «IT-куб» оҕо дьоҕурун сайыннарар сыыппара киинин дьиэтэ аһылынна. Маныаха 1,5 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх сиргэ өрөмүөн ыытыллыбыт. Төрт мэндиэмэҥҥэ 13 кэбиниэт, ол иһигэр коворкинг, медиатека, саахымат хоһо, интерактивнай саала оҥоһуллубут. Билигин кииҥҥэ 850-тэн тахса оҕо бырагыраамалааһыҥҥа, дизайны, мобильнай сыһыарыылары, оонньуулары оҥорууга үөрэнэллэр.  Айсен Николаев оҕолору эҕэрдэлээтэ уонна кииҥҥэ ноутбуктары атыылаһарга сертификат туттарда.

Муус устар 22 күнэ. Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка ыытыллыбыт оһуохай түһүлгэтэ 5500 кэриҥэ араас саастаах эр дьону  сомоҕолоото.  Кинилэр Арассыыйа аҕа баһылыга Владимир Путин дойдубут күүстээх, туруктаах буоларын туһугар ыытар бэлиитикэтин, саллааттары, эписиэрдэри өйүүллэрин биллэрдилэр.  Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторо,  Арассыыйа дьоно-сэргэтэ түмсүүлээх, биир санаалаах буоллахпытына, тугу барытын кыайыахпыт диэн мустубут дьоҥҥо туһаайан эттэ.

Муус устар 24 күнэ. Айсен Николаев Преображенскай кафедральнай собуорга Пасхаҕа анаммыт литургияҕа кытынна. Итэҕэллээхтэри эҕэрдэлииригэр модун санааны, күүһү-уоҕу, түмсүүлээх буолууну баҕарда. Дойду туһугар охсуһа, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын туһугар үлэлии сылдьар, оҕолорун иитэр-улаатыннарар бар дьоҥҥо махтанна.

Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА