Россия президенэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха Туһаайыытыгар анал байыаннай дьаһал бэтэрээннэригэр уонна өлбүттэр дьиэ кэргэттэригэр аадырыстаах көмөнү оҥорууга анал судаарыстыбаннай пуонда тэрийэр туһунан эттэ.
Дойду баһылыга хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ социальнай үлэһит сыһыарылларыгар уонна регионнарга барыларыгар Пуонда структураларын тэрийэри сорудахтаата.
Ил Дархан Айсен Николаев бу көҕүлээһини наадалааҕынан ааҕарын эттэ. «Президент байыаннай сулууспалаахтары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр анал судаарыстыбаннай пуонда тэриллэрин эппитин сөбүлээтим, бу олус наадалаах дьаһал. Биһиги байыастарбыт дойдуларыгар төннөллөр, ким эрэ хантараагын болдьоҕо бүтэн, ким эрэ бааһыран. Медицинаҕа, уйулҕаны сааһылааһыҥҥа, үлэ булуутугар уонна да атыҥҥа сыһыаннаах ыйытыылар бааллар. Регионнар бу боппуруостар быһаарыыларыгар күүскэ үлэлиибит», — диэтэ кини.