Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыллаахха таһаарбыт өрөспүүбүлүкэ экология өттүнэн этэҥҥэ буолуутун хааччыйарга ыйааҕын кэҥэтэн биэрдэ. Кулун тутар 12 күнүгэр тахсыбыт саҥардыллыбыт докумуоҥҥа 2030 сылга диэри экология салаатыгар биэс тумус туттуллар сыаллары туруорда, суруйда Саха сирэ саайт.
Ол иһигэр айылҕа өттүттэн куттал үөскүүр түгэнигэр бэлэмнээх буолуу; айылҕа ресурсаларын сиэрдээхтик туһаныы, харыстааһын; тулалыыр эйгэҕэ антропогеннай сабыдыаллааһыны намтатыы; углероднай бэрээдэктээһин уонна килиимэт уларыйыытыгар экэниэмикэ сөп түбэһэн үөрэниитэ; экологическай култуураны сайыннарыы киирдилэр.
Бу балары ситиһэргэ ойуурга видеонан кэтээн көрүү пууннарын элбэтии, «Оперативный мониторинг лесных пожаров» информационнай ситими сайыннарыы, зондировщик-сөмөлүөттэр профилактическай үлэлэрин ыытыы буолар.
Айылҕа ресурсаларын сиэрдээхтик туһаныыга уонна харыстааһыҥҥа анаан лесопитомниктары тэрийии соруга туруорулунна. «Орто-Дойду» зоопааркаҕа дьиикэй кыыллары реабилитациялыыр киин аһыллыаҕа.
Тулалыыр эйгэҕэ антропогеннай сабыдыаллааһыны намтатар сыалтан ордук кутталлаах биэс эбийиэги суох оҥорууга сорудахтанна. Дьокуускайга уонна Жатайга кытаанах хомунаалынай тобохтору харайыыга инфраструктура тэриллиэҕэ.
Кулун тутар 12 күнүгэр тахсыбыт «О новой редакции Указа Главы Республики Саха (Якутия) от 27 сентября 2018 г. № 2 «Об экологическом благополучии Республики Саха (Якутия)» ыйааҕы сиһилии манна билсиҥ.