Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн бэлиэтиир бырааһынньыктар чэрчилэринэн сэтинньи 6 күнүгэр Саха сиригэр II өрөспүүбүлүкэтээҕи фашизмы утарар пуорум буолар. Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха кытталлар — федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи экспертэр, былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара — Российскай Федерация Геройдара. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата суруйар.
Ыччат дьыалаларыгар миниистир э.т., Россия Геройа Игорь Юргин эппитинэн, тэрээһин история өйдөбүнньүгүн харыстыыр уонна ыччаты патриоттуу иитиигэ сүдү суолталаах.
«Дьокуускай иккис төгүлүн фашизмы утарыыга хамсааһын киининэн буолар. Бастакы мунньах былырыын Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн ыытыллыбыта. Бу тэрээһин, мин санаабар, история өйдөбүнньүгүн харыстыырга, фашизмы утарарга, ыччаты патриоттуу иитиигэ күүһү сомоҕолуур. Кэлэр сылга биһиги Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. 2025 сыл СНГ-га эйэ уонна нацизмы кытта охсуһууга сомоҕолоһуу сылынан биллэриллибитэ. Биһиги эһэлэрбит уонна хос эһэлэрбит Улуу Кыайыыны уһансыбыттара, билигин байыастарбыт анал байыаннай дьайыыга кинилэр бойобуой үгэстэрин салгыыллар, хорсун быһыылары оҥороллор, ийэ дойдуну көмүскүүллэр», – диэтэ Игорь Юргин.