Бу күннэргэ Таатта улууһун Игидэйигэр тыа сирин тупсарыы сылыгар анаммыт улугу уһугуннарар, нэһи сэргэхситэр «Үлэнэн туох барыта кэмнэнэр, үлэнэн дьол-соргу тарҕанар» диэн улахан тэрээһин буолла.
Игидэй нэһилиэгин механизатордарын ааттарын-суолларын үйэтитэр уонна кинилэри чиэстиир-бочуоттуур тэрээһиннэр чэрчилэринэн МТЗ тыраахтардаахтар субуотунньук-күрэхтэһиилэрэ дьон-сэргэ болҕомтотун эргийэр киинигэр турда.
Күрэстэһиигэ “Эрэл” СХПК 2 уонна кэтэхтэр 16, уопсайа 18 тыраахтар эрийсиилээхтик, хатыһыылаахтык илин-кэлин түһүстүлэр.
«Тэрээһин иннинэ Петр Ермолаев уонна ыччаттар Прокопий Иванов, Алексей Никифоров тыаҕа тахсан мас суулларбыттара. Мастары тыаттан Вячеслав Габышев түрүлүөпкэлээн дэлээнэттэн 380 маһы таһааран, тыраахтардар соһоллоругар бэлэмнээбитэ», — диэн СИА-ҕа олохтоох дьаһалта специалиһа Александра Жулева кэпсээтэ.
«Умайар уот кыһыл былаах анныгар 18 тыраахтар кэчигирээн тураллара, үөрэн чаҕылыспыт сирэйдээх дьон урукку сэбиэскэй кэм саҕана ыытыллар коммунистическай субуотунньуктары санаттылар», — диир Александра Семеновна.
Старт бэриллээтин кытта, тыраахтардар ыыс буруону уһааран бастыыр иһин Мээндийэ күөлүгэр иннилэрин хоту түһүннүлэр.
Мас бэлэмнэммит сиригэр тырахтарыыстары эмис эттэн мииннээх, итии чэйдээх, алаадьылаах, сахалыы астаах-үөллээх көрүстүлэр.
Бу күн 381 устуука, ол эбэтэр 271 куб.мас субуотунньук күүһүнэн бэлэмнэммит. Бу маһы сайын хаптаһыҥҥа кубулутан олохтоохтор олбуордарын, дьиэлэрин тупсарынналларыгар биир тэҥник үллэриэхтэрэ.
Күрэстэһии кэнниттэн киэһэ үлэ киһитин уруйдуур-айхаллыыр, чиэстиир-бочуоттуур дьоро киэһэтэ ыытыллынна. Бу киэһэ нэһилиэк аар-саарга аатырбыт чулуу механизатордарын аата дороҕооннура дуораһыйда, кинилэр тустарынан анал слайда сиһилии кэпсээтэ.
Субуотунньук-күрэхтэһии кыттыылаахтара кыһыл былааҕы күөрэччи көтөхпүтүнэн параадтаан киирдилэр.
«Хас биирди кыттааччыга анал ааты иҥэрдибит уонна сыаналаах бэлэҕи туттардыбыт. Чэрдээх илиитинэн, харытын күүһүнэн өр сылларга үлэ бөҕөтүн үмүрүппүт, кыайа-хото туппут, бэтэрээн тырахтарыыс Иван Ефимов кыайыы өрөгөйүн биллэ. Чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыкка олохтоох дьаһалта мотоциклы туттарда. Иккис миэстэни ылбыт нэһилиэк депутатыгар, эдэр тырахтарыыс Марат Лопатиҥҥа «Байанай» маҕаһыын 25 тыһ.солк. суумалаах сертификатын бэлэхтээтибит. Оттон үһүс миэстэҕэ тиксибит элбэх оҕо аҕата «Эрэл» СХПК тырахтарыыһа Гаврил Егоров бензогенератор ылан бары да үөрүүлэрэ үрдээтэ », — диир Александра Жулева.
Кини этэринэн, саамай кырдьаҕас 73 саастаах Роман Захаров, оттон саамай эдэр – 23 саастаах Гаврил Никифоров күрэхтэһии-субуотунньукка көхтөөхтүк кыттыбыттар.
«Нэһилиэкпитигэр алта түөлбэ баар. Түөлбэ үлэтигэр анаан туспа балаһыанньа оҥорбуппут. Ити балаһыанньа бэрээдэги, тупсаҕайдык туттан олорууну, мас олордуутун, сибэкки, оҕуруот аһын үүннэриини, ырааһырдыыны хабар. Ону таһынан үлэҕэ, субуотунньукка, спортивнай күрэхтэһиилэргэ, о.д.а. тэрээһиннэргэ кыттыы аахсыллар. Сыл бүтүүтэ түмүк тахсар», — диэн СИА-ҕа нэһилиэк баһылыга Руслан Захаров кэпсээтэ.
Пожалуйста, подождите
Конец формы