Саха сиригэр 1 маай бырааһынньыгын хайдах ыытар туһунан сүрүн киэптэр быһаарылыннылар. Быйыл үлэ кэлэктииптэрин үгэскэ кубулуйбут параадтара буолбат.
Үлэ дьонун чиэстээһин, үлэ сыһыаннаһыыларыгар боппуруостарынан мунньахтар буолуохтара. Маны сэргэ патриотическай, ыччат, дьиэ кэргэн уонна да атын тэрээһиннэр ыытыллыахтара, ол туһунан идэлээх сойуустар федерацияларын пресс-сулууспата суруйда.
Быйылгы маайдааҕы акция сүрүн девиһэ: «Достойный труд каждого – гарантия благополучия семьи и развития страны!».