Бастакы вице-премьер — тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев салайааччылаах Саха сирин делегацията «Кыһыл көмүс күһүн» атыы-эргиэн бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа кыттар.
Өрөспүүбүлүкэ манна 6 тоннаттан тахса эттэн, балыктан аһылыгы, сыыры, кондитерскай оҥоһуктары, утахтары туруорда. Куруук буоларын курдук, хоту сир сибиэһэй, ыыһаммыт уонна кэнсиэрбэлэммит балыга болҕомто эргийэр киининэн буолла.
Саха сириттэн бу улахан тэрээһиҥҥэ 16 тэрилтэ: «Скиф», «Сахаагропродукт», СХПК «Полюс Холода», «Якутская рыбная компания», «Туймаада-Агроснаб», «Сахабулт» концерн, «Түмэн» СХПК, килиэп кэмбинээтэ, «Таба», «Сахаконсервпродукт», «Кладовая Олекмы», «Жиганскайдааҕы» РСХПК, «Конезавод Бөртө», «Агрофирма Нөмүгү», «Чурапчы» СХПК , о.д.а. кытталлар. Ону таһынан «Акация», «Комплекс», «Жуков», «Эм», хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын үүннэрээччилэр сойуустарын баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын наукатын бэрэстэбиитэллэрэ бааллар.