Бэс ыйын 15 күнүттэн Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет быраастара онлайн эрэһиимҥэ консультацияны биэриини саҕалаатылар. Сервис доктор уонна пациент кэпсэтиннэрэр, анаалыс түмүгүн уонна инструментальнай чинчийиини быһаарар, эмтэниини коррекциялыыр, аһы, хамсаныыны кэтээн көрөр сыаллаах үлэлиир.
Клиника дириэктэрэ Владимир Аммосов иһитиннэрбитинэн, онлайн-консультацияны 10 хайысханан ылыахха сөп. «Дьокуускай куорат олохтоохторугар эрэ анаммат, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ кыттыан сөп. Пациеннар доктордарын кытта сибээскэ куруук бааллар, кинилэр ханна олороллоруттан тутулуга суох. Бэлиэтээн этэр буоллахха, ырысыап суруллубут, ыспыраапка бэриллибэт, больничнай толоруллубат», — диэтэ кини.
Сервис билигин тест эрэһиимигэр үлэлиир. Онлайн-консультацияҕа суруттарыыга svfu-clinic.ru саайтка киирэн бырааһы талаҕыт, ааккытын, төлөпүөҥҥүтүн суруйаҕыт, «прием онлайн» киирэҕит.