28 Муус устар 28.04
  • -2°
  • $ 91,78
  • 98,03

Хайдах табыгастаахтык биэнсийэҕэ тахсыахха сөбүй

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үлэбиттэн уурайдахпына эрэ үрдүк биэнсийэҕэ барабын дуо? Биэнсийэҕэ тахсарбар ханнык докумуоннар наадаларый? Ханна баран билсэбин? Хайдах гыннахпына табыгастаахтык биэнсийэҕэ тахсыахпын сөбүй? Бу ыйытыылар биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар дьону бука долгутар буолуохтаахтар. Ол иһин СИА кэрэспэдьиэнэ Саха сиринээҕи социальнай пуонда биэнсийэни аныыр управлениетын начальнига Кычкина Анастасия Семеновны кытары кэпсэтэн, сэттэ ыйытыыга хоруй ылла.

Саха сиригэр хас сааска биэнсийэҕэ тахсалларый?

2023 сылга Арассыыйаҕа дьахталлар 60 саастарыттан, онтон эр дьон 65 саастарыттан биэнсийэҕэ тахсаллар. Ол эрээри, Саха сирин олохтоохторугар кэккэ чэпчэтиилэр бааллар. Холобур, 20 сыл ыстаастаах дьахтар икки эбэтэр онтон элбэх оҕолоох буоллаҕына, биэнсийэҕэ 50 сааһыттан тахсар кыахтаах. Маныаха, 12 сылын хайаан даҕаны Саха сирин территориятыгар үлэлээбит буолуохтаах.

Саастарын ситиэхтэрин иннинэ страховой биэнсийэни ыарахан эбэтэр буортулаах усулуобуйаҕа үлэлээбит дьон, ону тэҥэ Уһук Хоту сир усулуобуйатыгар үлэлээбиттэр ылыахтарын син.

Биэнсийэҕэ тахсыы болдьоҕун иннинэ, 1973 сыл төрүөх биэс оҕолоох дьахталлар, 1967 сыл төрүөх түөрт оҕолоох дьахталлар уонна 1966 сыл төрүөх үс оҕолоох дьахталлар тахсыахтарын сөп, бу дьахталларга ыстаастара 15 сыл көрдөнөр.

Үлэлии сылдьан биэнсийэҕэ таҕыстахпына, биэнсийэм кыра буолар дуо?

Маныаха, киһи үлэлии сылдьан дуу, эбэтэр үлэтиттэн уурайан баран дуу, биэнсийэҕэ тахсара социальнай төлөбүр сууматыгар оруолу оонньообот. Холобур, икки оҕолоох дьахтар 50 сааһын бу сыл ыам ыйыгар туолар. Кини ыстааһа 20 сылтан итэҕэһэ суох уонна 12 сылтан элбэх сыл Саха сиригэр үлэлээбит. Оччотугар бу дьахтар сыл ыам ыйыттан биэнсийэҕэ тахсан баран үлэтиттэн уурайыан сөп, эбэтэр биэнсийэҕэ тахсан баран салгыы үлэлии сылдьыан сөп. Кини биэнсийэтин суумата онтон сылтаан уларыйбат. Ол эрээри, кини үлэтиттэн уурайдаҕына эһиилги сыл тохсунньуттан биэнсийэтэ үрдүүр, онтон үлэлии хаалар түгэнигэр бу биэнсийэтэ оннунан хаалар. Индексация диэн (биэнсийэ үрдээһинэ) үлэлээбэт эрэ биэнсийэлээхтэргэ көрүллэр. Онон дьахтар үлэлээн бүтэрин дуу, бүппэтин дуу киниэхэ бэйэтигэр хайдах табыгастааҕынан көрөн быһаарынар.

Үлэлии сылдьар биэнсийэлээхтэр уурайдахтарына, биэнсийэлэрэ хас төгүл үрдүүрүй?

Биэнсийэни Арассыйа5а сыл аайы Урдэтэллэр. Ол эрээри, 2016 сылтан урдэтии үлэлээбэт эрэ биэнсийэлээхтэргэ оцоьуллар Үлэлии сылдьан биэнсийэҕэ тахсыбыттар биэнсийэлэрин суумата тахсыбыт сылларыттан уларыйбакка сылдьар. Холобур, 2015 сылга биэнсийэҕэ тахсан баран салгыы үлэлии сылдьар дьахталлар уонна эр дьон ол сыллааҕы сууманан ыла сылдьаллар. Инньэ гынан, кинилэр үлэлээн бүттэхтэринэ, биэнсийэлэрэ бу ааспыт сыллар тухары хас быраһыан индексация буолбутунан «перерасчет» ааҕыллан эбиллэн биэрэр. Ол иһин дьон ону үлэлээбэтэххинэ, биэнсийэ үрдүк буолар диэн өйдүүллэр эрээри, бу дьиҥ өйдөбүлэ арыый атын.

2014 сыллаахха биэнсийэҕэ тахсан баран үлэлии сылдьабын, быйылгыттан уурайдахпына, биэнсийэм үрдүө дуо?

Үлэҕиттэн уурайдаххына, биэнсийэҕэр ааспыт сылларга туһамматах үрдэтиилэрин эбиллэн биэрэллэр. Ол эрээри, манна кэлэр ыйга биэнсийэҕиттэн ураты дохуоту ылыа суохтааххын. Оччотугар, онно кэлэр ыйтан биэнсийэҥ ааспыт сыллар суоттарыгар үрдээн биэрэр. Ханна даҕаны эбии сайабылыанньа суруйар наадата суох.

Үлэ бэтэрээннэрин биэнсийэлэрэ, көннөрү биэнсийэлээхтэртэн төһө элбэҕий?

Үлэ бэтэрээннэригэр биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр да, үрдэтии даҕаны көрүллүбэт. Кинилэргэ ОДьКХ төлөбүрүгэр, куорат устун айанныырга бырайыас курдук көрүллэр, бу өттүнэн Социальнай харалталар чуолкайдыахтарын сөп. (Биэнсийэ кээмэйигэр ол грамоталар эмиэ оруолу оонньооботтор, холобур Арассыыйа эбэтэр өрөспүүбүлүкэ үтүөлээҕэ эбэтэр туйгуна буоллаххына даҕаны манна биэнсийэ эбиллибэт).

Биэнсийэҕэ тахсарга ханна барабын, тугу гынабын?

Биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар киһи, кэмигэр биэнсийэҕэ тахсарыгар икки сыл инниттэн бэлэмнэниэхтээх. Маныаха, бастайааннай үлэлээх буоллаҕына каадырдары бэлэмниир отделтан сураһар. Кинилэр бэйэлэрин уочараттарыгар, биһиги үлэһиттэрбитин кытары быһа сибээскэ үлэлэһэллэр. Сорох дьоҥҥо тустаах докумуон тиийимиэн сөп, холобур ким эрэ үөрэнэ сылдьыбыт кэмин эмиэ үлэ ыстааһыгар киллэрэр, манна ыспыраапка наада буолуон син. Ол иһин эрдэттэн бэлэмнэнэр оруннаах. Онтон биэнсийэҕэ тахсар саастаах киһи үлэтиттэн сааһа ситэн уурайар буоллаҕына, үлэтэ эбии төлөбүр толору расчет биэриэн син, бу үлэлиир тэрилтэ коллективнай дуогабарыттан тутулуктаах. Онтон улэлээбэт дьон социальнай пуонда клиентскай сулууспатыгар кэлэн билсиэхтэрин сөп.

Госуслги уонна СФР саайтарыгар бэйэҥ кабинеккар киирэн тус суотун туругун туһунан выписка ылыахха сөп.

Справкаҕа бу киһи страховой ыстааһа, биэнсийэҕэ тахсарыгар коэффициенын кээмэйэ, үлэтиттэн страховой пуондаҕа төһө харчы киирбитэ көстөр. Манна бу киһи биэнсийэтин мунньунар буоллаҕына эмиэ көстөр, бу харчыта ханнык пуондаҕа барара, төһө элбэх суума буолбута биллэр.

Бу выписканы көрөн, киһи бэйэтэ биэнсийэҕэ тахсар быраабын көрүөн, дааннайдар төһө сөптөөхтөрүн бэрэбиэркэлиэн сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА