29 Кулун тутар 29.03
  • -10°
  • $ 92,26
  • 99,71

Тас дойдуга олорор биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин толору ылыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйаттан төрүттээх омук сиригэр олорор биэнсийэлээхтэр төлөбүрдэрин толору кээмэйин ылыахтара. Ол туһунан дойду Үлэҕэ уонна социальнай харысхалга министиэристибэтэ бэйэтин Telegram ханаалыгар иһитиннэрбитэ.

«Омук сиригэр олорор биэнсийэлээхтэр иннилэригэр бары эбээһинэспитин урут даҕаны билигин даҕаны толоробут инникитин эмиэ оннук буолуоҕа. Кинилэргэ тас дойдулар бааннарыгар баар счеттарыгар харчыны салгыы ааҕыахтара», — диэн Үлэ уонна социальнай харалта министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, кыраныысса таһыгар олорон,  биэнсийэлэрин «Сбербанк» баан счетугар да ылааччылары санкция хаарыйбатах.

«Биллэн турар, атын дойдуга каарталар үлэлээбэттэр эрээри, төлөбүр баан счетугар түһэр. ону салгыы онлайн атын каартаҕа көһөрөн туһаныахха син», — диэн этиилэрин эбэн биэрдилэр.

Арассыыйа олохтоохторугар биэнсийэлэрин эбии үрдэтиэхтэрин сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА