29 Кулун тутар 29.03
  • -11°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха сирин олохтоохторуттан 15% кырдьар саастарыгар мунньуммут харчыларыгар олорор былааннаахтар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дром автомобильнай сайт Арассыыйа олохтоохторуттан кырдьар саастарыгар туох үпкэ эрэнэллэрин интэриэһиргээбит. Ыйытык түмүгүнэн, Саха сирин олохтоохторун 21 %- на судаарыстыбыннай биэнсийэҕэ олорор былааннаахтар. Бэйэбит мунньуммут харчыбыт суотугар олоруохпут диэн регион 15% олохтооҕо эрэнэр, өссө 4 % оҕолорбут көмөлөрүнэн олоруохпут дии саныыллар. 

Онуоха Саха сирин ыйытыллыбыт дьонноруттан улахан өттө (39%) биэнсийэбитигэр диэри тиийэхпит суоҕа диэн куттаналлара билиннэ.  Оттон хас биирдии бэһис киһи кырдьар сааһыгар хайдах олорорун туһунан санаабат даҕаны эбит — 21% эппиэт «билбэппин» диэн хоруйу талбыттар.

Уопсайынан, саамай элбэх киһи Москубаҕа бэйэлэрин уурунуу харчыларыгар эрэнэллэр. Киин куоракка хас бэһис (21%) кырдьар саастарыгар диэн харчы муннуьуналлар, бэлэмнэнэллэр эбит. Аймахтарыттан материальнай көмөнү үксүн Воронежскай уобаласка эрэнэллэр — «оҕолор көмөлөһүөхтэрэ» хоруйу манна икки төгүл элбэхтэ талбыттар. Оттон судаарыстыбыннай биэнсийэҕэ ордук Камчатка кыраайыгар, Саха сиригэр уонна Башкирияҕа — ыйытыллыбыт дьонтон 22% кэриҥэ эрэнэр.

Бүтүн Арассыыйатааҕы ыйытыы 2022 с. муус устар ыйга Дром сайт туһанааччыларын ортолоругар ыытыллыбыта. Ыйытыыга РФ 83 регионуттан 17 тыһыынча киһи кытынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА