22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хаайыыга, үөрэх эйгэтигэр, суолга куттал суох буолуутугар уонна муниципалитеттарга коррупция ордук элбээбит

14:56, 27 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр коррупция сүрүннээн муниципалитеттар таһымнарыгар элбээбитэ бэлиэтэнэр. 2015 сыл бастакы аҥаарыгар маннык 74 буруй оҥоһуллубут эбит буоллаҕына, быйыл көрдөрүү 105 диэри элбээбит.


Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын салалтатынан үлэлиир коррупционнай дьайыылар, о.д.а. быраабы кэһии управлениетын салайааччыта Федор Борисов ити туһунан иһитиннэрдэ.

«Коррупция ордук элбэхтэ үөрэх (15 түбэлтэ), хаайыы (30 түбэлтэ) тэрилтэлэригэр, суолга куттал суох буолуутун хааччыйыыга (18 түбэлтэ) баара билиннэ. Онтон атына — муниципалитеттарга», — диэтэ кини.

2016 сыл бастакы аҥаарыгар муниципальнай тэриллии биэс баһылыга, икки солбуйааччы, муниципальнай түөрт сулууспалаах, олохтоох үс дьокутаат маннык буруйу оҥорбуттар. Олохтоох бэйэни салайыныы таһымыгар муниципальнай сакааһы оҥорууга ордук элбэхтэ коррупция көстүүтэ тахсар. Эһиилгиттэн ыла хантараагы түһэрсии кииннэниэҕэ. Ити атыылаһыы дьэҥкэ буоларын хааччыйыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА