Өрөспүүбүлүкэ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын дьаһалынан, Дьокуускай куорат 1 №-дээх силиэстийэлиир изолятора 77 №-дээх быыбардыыр учаастакка сыһыарыллыбыт.
РФ Накаастабылы толорор федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, силиэстийэлиир изоляторга быыбардыырга анаан, икки куорпуска уопсайа үс кабинет бэлэмнэммит.
Манна хаайыллан олорор дьонтон быыбарга куоластыыр бырааптарынан 300-тэн тахса киһи кыттыбыт, бу — уорбаланааччылар, буруйданааччылар итиэннэ бириигэбэрдэрэ сокуоннай күүһүгэр киирэ илик сууттаммыт дьон.
Хатыылаах боробулуоха нөҥүө өттүгэр быыбардааһыҥҥа бэлэмнэнии хайдах барарын бэрэбиэркэлии, Өрөспүүбүлүкэ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Власовуонна СӨ Киһи быраабыгар боломуочунайа Сардана Гурьева тиийэ сырыттылар.
Кинилэри Накаастабылы толорор управление начаалынньыга Владислав Дзюба уонна бу биэдэмэстибэ атын салааларын салайааччылара арыаллаатылар.
Үрдүк сололоохтор быыбардааһын манна хайдах барарын илэ харахтарынан көрөн, эт кулгаахтарынан истэн баран, түмүгэр, быыбардыыр хамыыһыйа үлэтэ үрдүк таһымнааҕын бэлиэтээтилэр.
Маны таһынан, быыбарга кыттар бырааптарынан дьиэтээҕи хаайыыга олорооччулар эмиэ туһаннылар. Дьокуускай куоракка уонна түөрт улууска олорор маннык уураахтаах барыта 20-чэ киһиттэн сорохторо холуобунай-исполнительнай систиэмэ үлэһиттэрэ арыалдьыттаах учаастактарга тиийэн куоластаатылар.
Оттон сорохторго быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ дьиэлэригэр тиийэн, куоластаттылар.