ЛДПР депутаттара үлэ алын төлөбүрүн кээмэйин икки төгүл улаатыннарар туһунан сокуон барылын Госдумаҕа киллэрдилэр, докумуон дааннайдарын дума базатыгар бэчээттээтилэр, диэн СИА Новости иһитиннэрдэ.
«2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үлэ төлөбүрүн алын кээмэйинэн 30 000 солк. сууманы олохтуохха», — диэн тиэкискэ этиллэр.
Билигин Арассыыйаҕа МРОТ 15 279 солкуобайга тэҥнэһэр.
Инициатива ааптардара бигэргэтэллэринэн, итинник хардыы инфляция содулларын аччатарга уонна нэһилиэнньэ дьадайыытын таһымын намтатарга көмөлөһөр.
Депутаттар суоттааһыннарынан, бу көрдөрүүнү икки төгүл үрдэтэргэ 1,16 триллион солк. наада.
«Арассыыйаҕа үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ Европа дойдуларын үгүс өттүлэриттэн лаппа намыһах. МРОТ намыһах таһыма нэһилиэнньэ дохуот кээмэйинэн арахсарыгар тириэрдэр, оҥорон таһаарыы көрдөрүүтүн намтатар, киэҥ теневой экономикаҕа, социальнай тыҥааһын үүнүүтүгэр тириэрдэр», — диэн сокуон барылын быһаарыытыгар этиллэр.
ЛДПР фракциятын салайааччытын солбуйааччы Ярослав Нилов санаатынан, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин көрүү-истии кэлэр сыл бүддьүөтүн бэлэмнээһин кэмигэр, билигин буолуохтаах. Депутат хас да сыл анараа өттүгэр МРОТ кээмэйин медианнай методикатынан быһаарыы ылыллыбытын, ол эрээри туруга суох экономическай балаһыанньаттан ити кыаллыбатаҕын санатта.