Горнайдааҕы бизнес-инкубатор резиденэ Диана Барашкова «Vertice» диэн классическай истииллээх таҥас брендын арыйда. Эдэр урбаанньыт дьоҕус бэйэ дьыалатын сайыннарарыгар улууһа, өрөспүүбүлүкэ улахан тирэх, күүс-көмө буолла.
Диана иис эйгэтигэр үлэлээбитэ хас да сыл буолла. Идэтигэр бэриниилээх эдэр иистэнньэҥ, урбаанньыт, икки оҕолоох ыал ийэтэ сылтан сыл сайдан, эбии үөрэхтэнэн, бу сыл бэйэ брендын арыйарга хорсун хардыы оҥордо.
Диана Барашкова: «2021 сыллаахха социальнай хантыраагынан 250 тыһ ылан, кыра ателье арынан үлэбин саҕалаабытым. 2022 сыллаахха 431 тыһ сууммалаах эдэр урбаанньыттар гранын көмөтүнэн кыра ательебын тиэхиньикэнэн толору хааччыйбытым, ону тэҥэ эбии икки үлэһит ылан коллективнай сакаастары тигэн саҕалаабыппыт. Онтон 2023 сыллаахха Горнай улууһун баһылыгын гранын өйөбүлүнэн эбии үөрэхтээһин, видео устарга тиэхиньикэ ылбытым. Быйыл СӨ Ил Дархан биллэриллибит куоҥкуруһугар кыайыылаах буоламмын ательебын хаҥатарга өссө эбии тиэхиньикэ атыыластым, киэҥ араҥаҕа тахсарга, салҕыы үүнэргэ-сайдарга СММ, маркетолог, дизайнер үлэһиттэрдэнним. Маннык улууспут, өрөспүүбүлүкэбит кыах биэрэриттэн олус үөрэбин. Эдэр киһиэхэ олус улахан өйөбүл», — диэн кэпсиир.
Диана таҥас тигиигэ саамай сүрүнэ хаачыстыба, тигии хас биирдии түһүмэҕэр болҕомто ууруута буоларын бэлиэтиир. Сайыҥҥы коллекциятыгар дьахтар уонна эр киһи гардеробугар 50 кэриҥэ араас модель таҥаһы-сабы тигэн таһаарда: былааччыйалары, шортиктары, поло футболкалары.
Диана: «Саҥа айан таһаарбыт брендпыт уратыта хаачыстыбатыгар, үйэлэргэ сүппэт классическай истиилигэр сытар. Хамаандабын кытта уратыбытын ааппытыгар эмиэ көрдөрдүбүт. Элбэх дьон тоҕо «Vertice» диэн ааттаттыгыт диэн ыйытар. «Vertice» тылбаастанан «хайа чыпчаала» диэн буолар. Бастакытынан, чыпчаалга, үүнэргэ-сайдарга талаһыы диэн суолталанар. Иккиһинэн – Горнай улууһуттан төрүттээҕэ», — диэн этэр.
Эдэр ыччат ыра санаатын олоххо киллэрэригэр, сайдарыгар, элбэҕи ситиһэригэр улууспутугар, өрөспүүбүлүкэбитигэр усулуобуйа барыта баар диэн бэлиэтиэххэ сөп. Улууспутугар урбаан сылынан саҥа бренд арыллыбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.
Ааптар: Анастасия Сергеева