Бу күннэргэ улуус баhылыга Никита Андреев делегацията Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үпкэ уонна Тыа хаhаайыстыбатын министиэристибэлэрин, тэрилтэлэрин кытта көрсүһэн, үлэ былааннарын торумнастылар.
Улууска «Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията» АУо «Якутия» иhинэн урутаан сайдар сири (ТОР) тэрийии, Саха сирин сокуонун чэрчитинэн талыллыбыт 5 нэhилиэккэ олохтоох оҥорон таhаарыы сирдэригэр (ТРМП) биисинэс бырайыактары олоххо киллэрии, тыа хаhаайыстыбатыгар үбүлээhин механизмнарыгар уларытыылары, хаhаайыстыбалар холбоһуктааһыннарын (кооперация), олохтоох бородууксуйа хаачыстыбатын уонна көрдөрүүлэрин үрдэтии боппуруостара ырытылыннылар.
Былааннаммыт саҕалааһыннар үлэҕэ киирдэхтэринэ улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар уонна олохтоох урбаанньыттар, хаhаайыстыбалар инники үлэлэригэр төhүү күүс буолан, үтүө түмүктэри киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит, суруйда Мария Максимова, @silatrudagorny