Ил Түмэҥҥэ «О налоговой политике Республики Саха (Якутия)» сокуоҥҥа көннөрүүлэргэ сокуон барыла киллэрилиннэ. Чуолаан, судургутутуллубут нолуок систиэмэтигэр ыстаапканы түһэрии туһунан этиллэр. Докумуону Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээтэ, өрөспүүбүлүкэ сүрүн пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Нолуок ноҕуруускатыгар эмискэ улаатыыны таһаарбат сыалтан сокуон барылыгар 2021 сылга УСН ыстаапкатыгар түһэриини оҥороллоругар диэн этиллэр. Бу 2020 сылга ЕНДВ көрүҥүнэн нолуоктарын төлүү сылдьыбыттарга ананар:
— «дохуоту» талбыттарга – 1 %;
— «дохуот — ороскуот кыччатыыта» талбыттарга – 5 %.