Өлүөнэ эбэни туоруур паром сырыыта саҕаланан, нэһилиэнньэни гаастааһыҥҥа анаммыт турбалары тириэрдии саҕаланна, «Сахатранснефтегаз» хампаанньа пресс-сулууспата СИА-ҕа иһитиннэрдэ.
530 мм диаметрдаах 30 устуука турба Дьокуускайга ыам ыйын 30 күнүгэр кэллэ. Салгыы 325 мм уонна 159 мм диаметрдаах уонна да атын кээмэйдээх турбалар кэлэллэрэ былааннанар. Барыта 500-тэн тахса туонна тимир турба хампаанньа тэрилтэлэригэр тириэрдиллиэҕэ.
Матырыйааллар социальнай гаастааһын дьаһалыгар, былааннаах өрөмүөҥҥэ уонна саҥа гаас эбийиэктэрин тутууга ананаллар.
«Сахатранснефтегаз» матырыйаал эрэ кэлиитин буолбакка, гаас хочуолларын уонна счетчиктарын аҕалыыны эмиэ хонтуруоллуур.