Амма улууһун Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис нэһилиэгин орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Эмис – Амма – Абаҕа хайысханан сүүрбэ атынан туруннулар. 100 килэмиэтирдээх айаҥҥа оҕолору учууталлар, төрөппүттэр арыаллаан барыстылар. Экспедиция салайааччыта — оскуола дириэктэрэ Гаврил Захаров.
«Бу бырайыак Күннүк Уурастыырап төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах. Оҕолору бүгүн сарсыарда 8 чааска бары кэлэн атаарбыппыт. Трасса устун буолбакка, Алтанынан барар былыргы суолунан айанныыллар. Бу түүн аара баар үүтээҥҥэ хоноллор. Сарсын сарсыарда эрдэ турунан, былаан быһыытынан, күнүс Абаҕаҕа тиийиэхтээхтэр. Күннүк Уурастыыраппыт Эмискэ начаалынай кылааһы бүтэрэн баран Абаҕа орто оскуолатыгар үөрэммит. Кини сылдьыбыт суолунан оҕолор барыахтара. Уолаттар маннык сырыыга сылдьан, аты көрөргө, айылҕалыын алтыһарга, эр киһи буоларга үөрэнэллэр», — Эмис орто оскуолатыгар үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор учуутал Ольга Михайлова кэпсээтэ.
Бу үгэскэ кубулуйбут үтүө бырайыагы Эмис оскуолатын «Үрүҥ Уолан» биридимиэтин учуутала Николай Уваров 1990-с с. саҕалаабыт.
Баһылык сүүрэн барыста
Эмис нэһилиэгин олохтооҕо Маргарита Уварова Еdersaas.ru сайтка иһитиннэрбитинэн, «Уол оҕо кэскилбит — эр киһи эрэлбит» бырагыраама тэриллибитэ 22сыл буолбут, бу сүүрбэһис төгүлүн айаннаатылар. Оскуола дириэктэрэ бэйэтинэн оҕолору көҕүлээн айаннаабыта кэрэхсэбиллээх. Оттон нэһилиэк баһылыга Илья Пестерев бырайыагы өйөөн, оҕолору кытта атынан буолбакка, букатын да, сүүрэн барыста. Кини сүүрүүнү көҕүлүүр салайааччы.