22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эмис нэһилиэгэр түүн оройугар диэри спартакиадалаатылар

16:25, 03 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ түүн 12 чааска диэри Эмис нэһилиэгэр Суола үрэх кытыытыгар сытар нэһилиэктэр кимиилээх киирсиилээх спартакиадалара буолан ааста.

Амма улууһун Эмис нэһилиэгэ бары көрүҥнэргэ чаҕылхай ситиһиилэри көрдөрдө. Ол курдук дуобакка, остуол оонньууларыгар, волейболга бастакы миэстэни, теннискэ иккис, саахымакка үһүс, ыстанаҕа иккис, ытыыга бэһис миэстэни ыллылар. Онон уопсай түмүккэ кубок хаһаайыннарынан буоллулар, чөмпүйүөн мэтээллэрин иилиннилэр.

Иккис миэстэ Алтан, үһүс миэстэ Хайахсыт нэһилиэгэ буоллулар. Уопсайа бу спартакиадаҕа 6 нэьилиэктэн 156 киһи кытынна. Бу курдук нэһилиэнньэ түмсэн чөл олоҕу тутара үтүө холобур эрэ буолар. Маны сэргэ спартакиада кыттыылаахтарыгар, баҕалаахтарга ГТО дисциплинатыттан имигэскэ диэн 72 киһи тест туттарда. Бу көрүҥҥэ бириистээх миэстэлэри барытын эмиэ эмистэр ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА