Сунтаар Сиэйэ нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар экономист идэлээх Мира Яковлева саҥа сүүрээни киллэрэр санаалаах үлэлии-хамсыы сылдьар. Кини аймахтарын сылгыларын түмэн, бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, 2015 сылтан ыла сылгы иитиитинэн олохтоохтук дьарыктанарга сорук туруорунар.
Кини экономист үөрэхтээх буолан, төһө сылгыны төһө иэннээх сиргэ иитэн, Бүлүү сүнньүгэр, ону ааһан өрөспүүбүлүкэҕэ даҕаны төрөлкөй төрүөҕү биэрэринэн аатырбыт Мэҥэдьэк боруодатын атыырдарынан хаан уларытыытын киллэрэн, онтон төһө бородууксуйаны ылыахтааҕын ааҕан-суоттаан үлэтин тэрийэр.
Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга А.О.Обоюков бу эдэр киһи туһунан астынан туран бэлиэтиир: “Билигин тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоммут сааһырбыттарын бары истэ-билэ сылдьабыт. Онон биһиги чөкө нэһилиэкпитигэр бу Мира Яковлева курдук эдэр дьон, ааһа баран үрдүк суот-учуот үөрэхтээх эдэр дьон сысталлара кэскиллээх дьыала. Нэһилиэкпит дьаһалтата маннык дьоммутун төһө күүспүт кыайарынан өйүүбүт уонна тирэх буолабыт. 2015 сылга Мира Николаевна хаһаайыстыбатын тэринэригэр нэһилиэк бүддьүөтүттэн көмө оҥорбуппут, инникитин даҕаны үбүнэн, моральнай өттүнэн даҕаны көмөнү күүспүт кыайарынан оҥоро туруохпут. Маннык ыччаттары дьоммут, ордук ыччат батыстахтарына нэһилиэкпит сайдыы суолугар үктэнэригэр төһүү буолуох этэ”, – диирэ оруннаах.
Кини хаһаайыстыбата билиҥҥи туругунан 8 атыыр үөрдээх: 74 сылгылаах, онтон 52-тэ төрүүр биэ. Былырыыҥҥыттан дэриэбинэттэн 15 килэмиэтирдээх ”Харалдьыктыыр” диэн учаастакка сылгы баазатын тутуутун саҕалаата.
Мира Яковлева быйылгы “Саҥа саҕалыыр фермер” федеральнай бырагыраамаҕа киирсээри докумуон хомуйсар.