Үөһээ Халыма экологиятын кэтээн көрөр инспекция олохтоох ИДьМ үлэһиттэрин кытта оройуон соҕуруулуу-илин өттүгэр рейд оҥордулар. Эбийиэктэринэн Сохатинай — Малай Сохатинай үрүйэ буолла. Уу харыстабылыгар, айылҕаны киртитиигэ, сир уонна ойуур хаһаайыстыбатын сокуоннарыгар кэһии баарын-суоҕун бэрэбиэркэлээтилэр.
Экология министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, булт быраабылатын кэһиини уонна булду сокуоннайа суох тиэйиини-таһыыны бохсор туһугар оҥоһуллубут рейдэ кэмигэр бэрэбиэркэлиир үлэ ыытылынна.
Бурааннары, массыыналары бэрэбиркэлээтилэр. Айылҕа харыстабылын сокуоннарын кэһии булуллубата. 11 киһини кытта өйдөтөр-сэрэтэр кэпсэтии ыытылынна.
Үөһээ Халыма улууһугар рейдалар салҕанан бараллар.