Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оптика утаҕын тардыы күүскэ барар. Итини олоххо киллэриинэн дьарыктанар “Ростелеком” ПАУо “Бүлүү экспреһэ” (Арҕаа Саха сиригэр) бырайыагы бу күннэргэ түмүктээн, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Бүлүүгэ түргэн Интэриниэт сибээһэ кэллэ. “Мииринэй — Сунтаар — Ньурба — Үөһээ Бүлүү — Бүлүү” учаастактарга оптика утаҕын тардыы быйыл ыам ыйыттан саҕаламмыта.
Үөһээ Бүлүүгэ оптика киириитин тэтимнээхтик бүтэрэр инниттэн утаҕы Мииринэйтэн уонна Бүлүүттэн утарыта тардыбыттара. Сөптөөх быһаарыыны ылыммыттара тута көстөр: 2018 сыл ахсынньытыгар улахан бырайыак түмүктэннэ.
“Ростелеком” ПАУо Сахателеком дириэктэрэ Константин Войтеховскай: “Биһиги хампаанньабыт өрөспүүбүлүкэҕэ оптика инфраструктурата сайдарыгар болҕомтотун күүскэ ууран үлэлиир. Сүрүн сыал-сорук – Саха сирин олохтоохторо түргэн Интэриниэт өҥөтүнэн туһаналларын хааччыйыы. Манна улуус кииннэрин уонна куораттары эрэ буолбакка, ыраах сытар нэһилиэктэр эмиэ хабыллаллар. Итини барытын ситиһэргэ элбэх үлэ ыытыллыан наада. Маны СӨ инновацияҕа министерствотын уонна улуустар дьаһалталарын кытта бары бииргэ ылсан үлэлээхтэхпитинэ, олоххо түргэнник киллэриэхпит диэн эрэнэбин”, — диэн санаатын этэр.
Санатар буоллахха, кини быйыл атырдьах ыйын саҥата Үөһээ Бүлүүгэ анаан-минээн кэлэн, улуус баһылыга Владимир Поскачинныын көрсөн, улуус ыраах сытар нэһилиэктэригэр оптика утаҕын тардыыны быһаарсан барбыта.
“Оптика утаҕа Үөһээ Бүлүүгэ кэлбитэ олус бэрт, көдьүүһэ улахан. Олохтоохтор хаачыстыбалаах Интэриниэт өҥөтүнэн туһанан эрэллэр. Быйыл атырдьах ыйыгар “Ростелеком” ПАУо филиала Сахателеком дириэктэрэ Константин Войтеховскайдыын көрсөн, Үөһээ Бүлүү улууһун сиригэр-уотугар инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ Сөбүлэһии докумуонугар илии баттаабыппыт. Ити чэрчитинэн эһиилгиттэн саҕалаан улууспут бары, Туобуйаттан эрэ уратыга, нэһилиэктэргэ барыларыгар оптика утаҕын тардыы саҕаланыаҕа. Манна биири өйдүөххэ наада. Улуус киинэ эрэ түргэн Интэриниэт сибээһинэн эрэ буолбакка, нэһилиэктэр бары хааччыллыахтаахтар. Улуус бүддьүөтүттэн 60 мөл. солк көрүөхпүт. Туобуйа улуус кииниттэн 240 км ыраах сытар буолан, спутниковай Интэриниэтинэн туһанар. Оптика инфраструктурата кэлиитэ цифровой технология сайдыытын мэктиэлиир уонна Үөһээ Бүлүү улууһа сайдарыгар төһүү күүһүнэн буолуоҕа”, — диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин санаатын үллэһиннэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтата нэһилиэктэригэр оптика утаҕын тиэрдиигэ улахан болҕомтону уурбута махталлаах, хайҕаллаах дьыала. Атын улуустарга үтүө холобур буолар. “Ростелеком” филиала Сахателеком пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, хампаанньа 2019 сылга ыырын өссө кэҥэтиэҕэ. 2019 сылга былаан быһыытынан лимиитэ суох Интэриниэт Сунтаар улууһун Уһун Күөлүгэр, Аллаҥатыгар, Күндэйэтигэр, Түбэйигэр, Дьаарханыгар, Ньурба улууһун Хатыҥ Сыһыытыгар, Үөһээ Бүлүү Ороһутугар, Тамалакааныгар, Кэнтигэр, Хоротугар, Оҥхойугар уонна Бүлүү улууһун Кыадаҥдатыгар киириэҕэ.
Ааптар: Александр ТАРАСОВ