Үөһээ Бүлүү улууһугар бүгүн «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» бэлиэнэн Евдокия Васильевна уонна Семен Михайлович Кутугутовтар дьиэ кэргэттэрэ наҕараадаланнылар. Дьоһуннаах бэлиэнэн кыһыл көмүс сыбаайбалаахтары улуус баһылыга Валерий Николаев эҕэрдэлээтэ.
Семен Михайлович Кутугутов үрдүк категориялаах быраас, үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах гражданина, Доруобуйа харыстабылын туйгуна. Евдокия Васильевна үлэ бэтэрээнэ, Нам уонна Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин Сэбиэттэрин народнай депутата, СӨ «Госэпидсулууспатын туйгуна» бэлиэ хаһаайката.
Улуус баһылыга Валерий Николаев Ил Дархан Айсен Николаев уонна бэйэтин аатыттан эҕэрдэ суругун туттарда, эҕэрдэлээтэ. СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн гражданнар туруктарын аактатын суруйар управление улуустааҕы салаатын салайааччыта Татьяна Кардашевская бэлиэни туттарда уонна улуус Бочуот кинигэтигэр илии баттатта.
50 сыл бииргэ олорон, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабылы, тапталы, истиҥ сыһыаны, кэскили кэҥэппит Кутугутовтар дьиэ кэргэн «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» өйдөбүнньүк бэлиэни ыллылар уонна улуус Бочуот кинигэтигэр кыһыл көмүс буукубанан суруллан киирдилэр, суруйда @uoheebuluu