22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ биир күрэххэ бириискэ 24 убаһа оонньонно

17:09, 27 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү ыһыаҕар бэс ыйын 24-25 күннэригэр улуус 21 нэһилиэгэ уонна саҥа тэриллибит техникум тэрилтэтэ кыттыһан, 2016 сылга саамай куустээх, сымса бөҕөһү быһаарар ыһыылаах-хаһыылаах күрэҕи тэрийдилэр. Күөн көрсүүгэ бастаан 22 убаһа бириискэ турда.


Күрэҕи үс диктор иилээн-саҕалаан ыыппыта эмиэ туһунан көстүү буолла. «Бөҕөстөр тустар эргиирдэрэ үс иилээх буолбута судьуйаларга, көрөөччүлэргэ да, тустууктарга даҕаны, табыгастааҕа дакаастанна. Быйылгы Үөһээ Бүлүү ыһыаҕар биир күрэххэ барыта холбоон 24 убаһа бириискэ оонньонно«, — диэн улуустааҕы спорт управлениетын начальнига Егор Николаев СИА-ҕа кэпсээтэ.

Бастакы эргииргэ хотторууну сурунан, бириис убаһаларын атын нэһилиэккэ баайан биэрдилэр: Туобуйа нэһилиэгэ (бөҕөһө Егоров Айсен), Хомустаах (Афанасьев Василий), Өргүөт (Алексеев Эльдар), Харбалаах (Донской Дмитрий), техникум (Юрий Петров), Кэнтик (Саввинов Гаврил), Сургулук (Нехоруков), Балаҕаннаах (Жендринскэй Александр), Маҥаас (Григорьев Семен), Оҥхой (Григорьев Иван), Тамалакаан (Румянцев Сергей).

Иккис эргииргэ хаалбыт нэһилиэктэр иккилии убаһаланнылар. Аны манна уксуу буолла. Баһылыктар хастыы убаһаҕа киирсэллэрин быһаарсан илии охсуһаллар. Иккис эргииргэ хотторуу хомолтотун биллилэр: Боотулуу (Прокопьев Рустам), Ороһу (Тимофеев Увар), Мэйик (Иннокентьев Иннокентий), Дүллүкү (Иванов Егор), Нам (Нурутдинов Закир), онон эмиэ биирдии убаһаларын илдьэн атын нэһилиэктэр сэргэлэригэр баайдылар.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, Мэйик нэһилиэгэ норуотун этиитин ылынан, биир эрдэ сүүйбүт уонна илдьэ кэлбит убаһатын бу иккис эргииргэ укпутун, бөҕөһө хотторон, иккиэннэрин сиэтэн илдьэн биэрдэ.

Үһүс эргииргэ хотторбут нэһилиэктэр: Быракаан (Тимофеев Егор), Далыр (Тимофеев Семен), Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ (Семенов Семен) убаһаларын атыттарга туттаран, туораатылар.

Төрдүс эргиир өссө сытыы киирсиилэригэр Үөдүгэй (Данилов Федор) бүдүрүйдэ, убаһата атыҥҥа барда.

Бэһис эргииргэ улууска саамай күүстээх-уохтаах, сымса бөҕөстөөх нэһилиэги быһаарар бүтэһик түһүмэх ыытылынна. Манна элбэх харчы уксуулаах хапсыһыы саҕаланыан иннигэр Хоро (баһылык Семен Чиряев, бөҕөһө Платон Саввинов) уонна Кырыкый (баһылык Сергей Сергеев, бөҕөһө Стас Степанов) хастыы убаһаҕа бөҕөстөрүн туһуннаралларын быһаарсаллар, нэһилиэктэрин олохтоохторуттан ыйыталлар. Түмүккэ, биирдии убаһа буоллун диэн сөбүлэҥҥэ киирсэллэр.

«Тустуу саҕаланар, бөҕөстөр үс иилээх эргиири барытын туһаналлар. Улахан эргииргэ 5 мүнүүтэ тустан туһа суох, салгыы орто эргииргэ киирэллэр. Манна Хоро бөҕөһө утарылаһааччытын үтэн таһааран, бастакы очукуону ылар, бириэмэ бүтэр. Үһүс кыра эргииргэ киирэн икки мүнүүтэлээх хапсыһыы, халбарыйсыы саҕаланар. Куотар сир суох, Кырыкый бөҕөһө утарылаһааччытын үтэн таһаарар, ахсаан тэҥнэһэр. Бириэмэ бүтэрэ 8 сөкүүндэ хаалбытыгар, Кырыкый бөҕөһө өссө биирдэ бэлиэ нөҥүө киһитин үтэн таһаарар уонна «Саамай бүдүрүйбэт бөҕөс» аатын ылар. Онон Стас Степанов бастыҥ хапсаҕайдьыт буолар», — салгыы иһитиннэрэр Егор Николаев.

Түмүккэ ханнык бөҕөс хастыы убаһаны ыһыах түһүлгэтиттэн сиэтэн барда:
Рустам Прокопьев -1
Закир Нурутдинов — 1
Егор Иванов — 1
Увар Тимофеев — 1
Быракан Дьаьалт — 1
Семен Тимофеев — 3 (эбии биир убаһаны Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ анаатылар).
Семен Семенов — 3
Федор Данилов — 3
Платон Саввинов — 4
Стас Степанов — 5

Күрэх бүтэһигэр Мэйик нэһилиэгин баһылыга Михаил Хаччагаев нэһилиэгин чиэһин көмүскээбит Иннокентий Иннокентьевка эбии 1 убаһаны биэрэрин иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА