22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүү Үөдүгэйэ култуура эйгэтигэр федеральнайдааҕы граны ылла

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Култуура эйгэтин көҕүлээһиннэригэр Президент пуондатын иккис грант куонкуруһун түмүгэ билиннэ. Пуонда тэриллиэҕиттэн бу 12-с сүүмэрдээһин буолла.

Гранынан өйөбүл иккис сүрүн куонкурсугар сайаапкалары тохсунньу 11 күнүттэн олунньу 20 күнүгэр диэри туппуттара. Бу кэм устата 10 758 сайаапка киирбит.

Бу киирбит сайаапкалартан 7 бырайыак Саха сириттэн кыайыылаах аатын ылла! Ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин бырайыага киирдэ.

Үөдүгэй нэһилиэгин «Ситис» уопсастыбаннас координационнай Сэбиэтэ социальнай эйгэни сайыннарыы уопсастыбаннай тэрээһинэ култуура, искусство уонна креативнай индустрия эйгэтигэр эдэр талааннары көрдөөһүҥҥэ уонна өйөөһүҥҥэ анаммыт «Чехов ҥа якутском» бырайыага кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирдэ.

Уонна бу бырайыак 213 506 солкуобайдаах федеральнай пуонда өйөбүлүн ылар буолла.

Бырайыак салайааччыта Тамара Саввинова, кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ.

Үөдүгэйдэр бырайыактара олоххо киирэн, улуус, өрөспүүбүлүкэ култууратын эйгэтэ сайдарыгар, инникигэ хардыылыырыгар төһүү күүс буоллун, суруйда «Үөһээ Бүлүү» хаһыат, @uoheebuluu

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА