Бэс ыйын 24-25 күннэригэр ыытыллар Туймаада ыһыаҕар «Дыгын оонньууларын» сүрүн түһүлгэтэ ыытыллыаҕа. Манна 12 бөҕөс илин-кэлин түсүһүөҕэ, Саха сирэ суруйар.
Билиҥҥитэ икки сүүмэрдиир түһүмэх ыытыллан, дьүүлүүр сүбэ биллэн, бириистэр быһаарыллан тураллар диэн бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, буолбут пресс-кэмпириэнсийэҕэ тэрийээччилэр иһитиннэрдилэр. Ол курдук, быйылгы кыайыылаах 1 мөлүйүөн харчынан наҕараадараныаҕа. Бу бирииһи «Прогрес» тэрилтэ салайааччыта Алексей Пинигин туруорда. Иккис миэстэ буолбут эр бэрдигэр квадроциклы уонна үһүс миэстэ буолбут боотурга уу мотуорун туттарыахтара.
Былырыыҥҥы «Дыгын оонньууларын» кыайыылааҕа Алексей Уваровскай бэлэмин, утарылаһааччыларын туһунан санаатын үллэһиннэ:
— Күрэхтэһиигэ бэлэммин Дьокуускай куоракка саҕалаабытым, биир ыйга дойдубар, Кэбээйигэ баран дьарыктанным. Эдэр уол Артем Дьяконов сүүмэрдээһини ааспытытан соһуйбутум. Кинини 2-3 сылынан түһүлгэҕэ көрүөм дии саныырым. Эдэр уолаттар көрдөрүүлэрэ тахсыбыт, номнуо бииргэ күрэхтэһэр дьон буолбут эбиппит. Манна диэн эттэххэ, уопсай көрдөрүү барыта тупсубут. Уолаттар охторун бэркэ ытар буолбуттар, сүүрүүлэрэ түргэтээбит, таастарын ыраахха диэри илдьэр буолбуттар. Бэйэм дьарыгым туһунан эттэххэ, күүс-уох өттүнэн эрчиллэ сатаатым, бу миэхэ тиийээччитэ суох.