Кулун тутар ыйтан коронавирус саҕаланыаҕыттан үлэ саҥа форматынан — онлайн нөҥүө бара турар. Дьааҥы улууһун Арыылаах нэhилиэгин дьоhун ыала Олег Викторович, Полина Гаврильевна Домниннар «Дьиэ кэргэн, таптал, эрэллээх буолуу» күрэххэ ”Айымньылаах дьиэ кэргэн» аатын ылбыттара.
Дьааҥы сирэ ураты айылҕалаах, үтүө үлэһит дьонноох, төрүт саха тыла, ырыата-тойуга үөскээбит дойдута. Олег Викторович, Полина Гаврильевна Домниннары Дьааҥыга билбэт киһи суох. Иккиэн Арыылаахтааҕы култуура киинин үлэһиттэрэ. Өр сыллаах сыралаах үлэлэрин түмүгүнэн Олег Викторович 2007 с., Полина Гаврильевна 2014 с. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култууратын туйгуна” буолбуттара. 1914 с.«Арассыыйа бастыҥ кулууба», ону кытта Олег Викторовичка «Арассыыйа бастыҥ кулуубун салайааччыта» аат иҥэриллибитэ.
Кулун тутар ыйтан биллэриллибит коронавирус саҕаланыаҕыттан саҥа форматынан — онлайн нөҥүө үлэлэр ыытылла тураллар. Домниннар «Дьиэ кэргэн, таптал, эрэллээх буолуу» күрэххэ ”Айымньылаах дьиэ кэргэн» аатын ылбыттара. Усть Нераттан, Якутскайтан Zoom программанан тэҥинэн ыллаан I миэстэ буоллулар.
«Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ чөл, чэгиэн эт-сиин наада. Кэргэмминээн иккис сылбытын скандинавскай хаамыынан утумнаахтык дьарыктанабыт, оттон хайыһар оҕо сааспытыттан тэҥҥэ кэлсибит таптыыр дьарыкпыт», — диир улахан дьиэ кэргэн аҕата Олег Викторович.
Арыылаахтааҕы култуура киинэ пандемия буолуор диэри ұлэhиттэрэ «Далбарай» квинтет, «Кэрэ –куо» кыргыттар, «Иэйии» дьахтар, «Дьүрүскэн» эр дьон вокальнай бөлөхтөрүн уонна «Биһик» дьиэ кэргэн бөлөҕүн дьарыктаабыттара. Маны таһынан «Утум» Леонтьевтар дьиэ кэргэннэрин бөлөҕө, «Алгыс», «Тэтим» үҥкүү бөлөхтөрө утумнаахтык дьарыктаналлар.
Домниннар үгэскэ кубулуйбут биир үтүө хамсааһыннара — оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир кэмнээх харчы туоһу суруга –сертификат туттараллара, араас кэмнэргэ сыана көхтөөх кыттааччыларыгар оҕолорго махтал бэлиэтин – хаартыскалардаах буклет бэлэхтииллэр. Ону таhынан Саҥа дьыл биир ураты түмүгүнэн — уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарыгар, сыл түмүгүнэн «Апплодисменты» диэн харчы туоһу суругунан бириэмийэ, элбэх оҕолоох ыал талааннаах оҕотугар 5 тыһыынча сууммалаах Граны туттараллар. Бу үтүө үгэстэр олохтоммуттара ыраатта!
Домниннар нэһилиэк, улуус общественнай олоҕун көхтөөх кыттааччылара, тэрийээччилэрэ. Дьиэ кэргэнинэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн – 2001» күрэххэ Дьааҥы аатыттан кыттан «Музыкальнай дьиэ кэргэн» уонна «Чөл дьиэ кэргэн – Чөл уопсастыба» анал ааттарга тиксибиттэрэ. 2014 с. Намҥа ыытыллыбыт Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэргэннии кулууп үлэһиттэрэ» көрүүгэ уонна «Икки сүрэх тэбиитэ – икки Иэйии талаана» диэн тэрээһиннэргэ кыттыбыттара. Ити сыл Полина Гаврильевна «Талба талаан» диэн дьахталлар күрэхтэригэр кыттан, иккиэн дуэтынан ыллаан «Тапталлаана – Куо» аакка тиксибиттэрэ.
«Улахаммыт Алена врач — статист, иккис кыыс Полина Усть Нераҕа төрөппүттэрэ суох оҕолор дьиэлэригэр оҕо культурнай сынньалаҥын тэрийэр специалист, оттон Виктория култуура колледжын этнография салаатын кыһыл дипломунан бүтэрдэ, Дьааҥылыы норуот ырыатын үөрэтэн 12 ырыаны нотаҕа түһэртэрдэ, кыра кыыс үҥкүүһүт буолар ыра санаалаах. Оттон кырабыт Айаал ас астыырга үөрэнэн, асчыт бэрдэ буола улаатан эрэр, аҕатын кытта сылдьан бултуурга үөрэнэр. Оҕолор улаатаннар сиэннэр элбэхтэр. Бу сайын оҕолорбутун кытта сайылыыр санаалаахпыт», — диэн сэhэргиир ыал ийэтэ Полина Гаврильевна.
Үлэ дьоно дьиңнээх сынньалаңы улахан дьиэ кэргэңңэ атаараллар.