22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга «Саха суруйааччыларын олохторо уонна айар үлэлэрэ» бырайыак презентацията буолла

12:31, 19 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Николай Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа «Саха суруйааччыларын олохторо уонна айар үлэлэрэ» бырайыак презентацияланна. Тэрээһин ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр ананна.

«Айар үлэ ыллыгынан» — бу саха суруйааччыларын олохторун уонна айар үлэлэрин туһунан бырайыак. Саҥа саайтка саха суруйааччыларын туһунан кэпсэнэр.

Тэрийээччилэр бырайыактарын кэҥэтэр былааннаахтар. «Бырайыакпыт үлэтин 2019 сыллаахха саҕалаабыта. Бастаан кыраайы үөрэтэр хайысхалааҕа. Саха литературатын уонна суруйааччылар тустарынан кэпсэнэрэ. Бибилэтиэкэ уруоктара буолаллара. Дьокуускай оскуолаларын үөрэнээччилэрин кытта үлэлиирбит, суруйааччылары кытта көрсүһүүлэр тэриллэллэрэ. Ол кэмҥэ саха суруйааччыларын тустарынан видеороликтары устар былаан ылыммыппыт», — бырайыак тэрийээччитэ Мария Беленкова эттэ.

Бырайыак кыттааччылара этэллэринэн, саайт матырыйааллара саха тылын учууталларыгар предмети үөрэтэллэригэр көмө буолар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА