«Зима начинается с Якутии» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл сүрүн тэрээһинэ — Ленин болуоссатыгар саҥа дьыллааҕы харыйа уотун холбооһун ахсынньы бастакы күнүгэр буолуоҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, үгэс быһыытынан дойду үрдүнэн харыйа уотун аан бастаан Саха сиригэр сырдатыахтара, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Ахсынньы бастакы күнүгэр киэһэ бэстибээл тэрээһиннэрэ харыйа уотун холбооһунунан түмүктэниэҕэ. Бу чаҕылхай уонна остуоруйа курдук аптаах тэрээһиҥҥэ Чысхаан уонна Тымныы Моруос оҕонньор кыттыыны ылыахтара», — диэн бэстибээл бырагырааматыгар этиллэр.
Үөрүүлээх сиэр-туом киэһэ 16:00 чааска саҕаланыаҕа. Тэрээһини НВК «Саха», «Якутия 24» телеханаалларга уонна социальнай ситимнэргэ көрдөрүөхтэрэ.
Санатан эттэххэ, сэтинньи 28 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ «Зима начинается с Якутии» бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл ыытыллыаҕа. Кини чэрчитинэн оҕолорго быыстапкалар, куонкурустар, гастрономическай бэстибээл уонна кэнсиэрдэр ыытыллыахтара.