Бүгүн киин куоракка кадетскай оскуола-интэринээт үөрэнэр саҥа куорпуһун сыбаайатын түһэрдилэр. Үс мэндиэмэннээх оскуоланы 2023 сылга Марха микрооройуонугар баар кадетскай оскуола таһыгар тутуохтара. Саҥа тутууга «Авангард» байыаннай-патриотическай иитиигэ үөрэтэр-мэтэдиичэскэй киин баар буолуоҕа, диэн Саха сирэ суруйар.
Ил Дархан Айсен Николаев ыччаты патриотическай иитиигэ үөрэтиини күүһүрдэр туһунан этэн турар. Онон бу хайысхаҕа үлэ былааннаахтык ыытыллар.
«Бу күүтүүлээх-кэтэһиилээх уонна олус наадалаах тутуу буолар. Оҕолор эргэрбит дьиэҕэ билигин үөрэнэ олороллор. Федеральнай киин өйөбүлүнэн үөрэх инфраструктуратын саҥардыахпыт. Номнуо кэлэр сылга курсаннар уонна педагогтар 200 миэстэлээх үөрэнэр куорпуһунан уонна 125 миэстэлээх интэринээтинэн хааччыллыахтара», — диэн эттэ премьер-миниистир Андрей Тарасенко.