Бэнидиэнньиккэ, бэс ыйын 17 күнүгэр, куорат сөтүөлүүр сирэ арылынна. Ол туһунан техническай хааччыйыы сулууспатын дириэктэрэ Виктор Обутов дьаһалта сарсыардааҥы сүбэ мунньаҕар эттэ.
Ааспыт сылга куорат пляһын бэс ыйын 30 күнүгэр арыйбыттара. Билигин икки нэдиэлэ эрдэлээн бэлэм буолла.
«Роспотребнадзор» уу анаалыһын эрдэ ылла. Куорат сөтүөлүүр сирэ Роман Дмитриев аатынан кытылы кытта тэҥҥэ тупсарыллан оҥоһуллар.
Пляжка дуус, атах суунар, туалет, шезлонг баар буолуоҕа.