Дьокуускай полициятын отделыгар 42 саастаах инженер үҥсүүлээх таҕыста. Эр киһи 3,6 мөл. солк. тахса сууманы массыанньыктарга ыыппыт диэн, өрөспүүбүлүкэ ИДьМ пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.
Биллэн тахсыбыта, эр киһиэхэ билбэт киһитэ төлөпүөннээбит уонна баан үлэһитэбин диэбит уонна массыанньыктар эр киһи аатыгар кирэдьиит ылбыттарын туһунан иһитиннэрбит, ону сибилигин тута тохтотуохха наада диэн сүбэлээбит. Аферист инженергэ өссө биир кирэдьиит оҥорон харчытын «куттала суох счетка» көһөрөрүгэр сүбэлээбит.
Эр киһи сымыйа баан үлэһитин этиитигэр киирэн биэрэн, бааҥҥа үс кирэдьиит оҥотторбут уонна барыта холбоон 3,6 мөл.солкуобайы массыанньыктарга ыыппыт.