Быйыл Дьокуускай куоракка 203-с микрооройуоҥҥа «Айыы Кыһата», ДСК оройуонугар 6 №-дээх, Сайсаар уокуругар 25 №-дээх оскуолалар, Тулагы Киллэм нэһилиэгин Сыырдаах сэлиэнньэтигэр, Ильменскэй уулуссаҕа «Ивушка», 17 кыбартаал Пионерскай уулуссатын 30 №-дээх «Малышок» дьыссааттарын дьиэлэрэ тутуллуохтаахтар.
Ону таһынан Гагаринскай уокурукка Култуура дьиэтин тутуу саҕаланыахтаах. Бу туһунан Дьокуускай к. мэрин бастакы солбуйааччы Сергей Игнатенко иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Дьокуускайга 12 социальнай объегы бырайыактааһыҥҥа, тутууга уонна техническэй өттүнэн хааччыйыыга судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин туһунан үс өрүттээх Сөбүлэһии ааспыт сыл бүтэһигэр Москваҕа түһэрсиллибитэ. Чааһынай-судаарыстыбаннай бииргэ үлэлээһин аһаҕас куонкуруһугар кыайбыт чааһынай инвестор «Газэнергомонтаж» ХЭО Дьокуускайга 5 оҕо уһуйаанын, 4 оскуоланы уонна култуура үс объегын тутуоҕа.
«Газэнергомонтаж» генеральнай дириэктэрэ Руслан Дроздов бэлиэтээбитинэн, компания маннык улахан объектары түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык тутарга көмөлөһөр сүҥкэн технологиялаах уонна уопуттаах. Дьокуускай дьаһалтатын, тутуу хампаанньатын уонна ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэриттэн турар оробуочай бөлөх тэрилиннэ.