18 Ахсынньы 18.12
  • -32°
  • $ 103
  • 108,34

Дьокуускай аннынан өрүс арыллыыта ыам ыйын 16-18 күннэригэр күүтүллэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин сиригэр-уотугар гидрологическай быһыы-майгы сылыктааһынынан баран иһэр, уу критическэй үрдээһинэ бэлиэтэммэт.  Саха сиригэр Арассыыйа ЫБММ регионнааҕы салалтатын 4 оперативнай бөлөҕө, 44 киһи уонна 14 тиэхиникэ үлэлии сылдьар, диэн СИА-ҕа ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Өлүөнэ өрүс мууһун актыыбынай хамсааһына Ленскэй улууһугар буола турар, алын кырыыта Ньүүйэ нэһилиэгэр кэллэ, манна уу таһыма 564 см, үрдүкү кырыыта Ленскэйтэн 20 км үөһээ, манна уу таһыма 720 см, муҥутуур туругар 1410 см. Уста сытар муус уһуна 103 км, сууккаҕа 30 км. хамсыыр. Сылыктыыр сулууспа билгэлииринэн Табаҕа – Дьокуускай — Кангаласс өрүс мууһа ыам ыйын 16-18 күннэригэр арыллара күүтүллэр.

Ньүүйэ өрүскэ муус алын кырыыта Курумтан 50 км аллараа кэлбитэ бэлиэтэнэр, уу таһыма 489 см, үрдүкү кырыыта Орто-Наахараҕа кэлбит, уу таһыма 420 см. Уста сытар муус уһуна 162 км. сууккаҕа 30 км сыҕарыйда.

Өлүөхүмэ өрүскэ уу таһыма сууккаҕа кыратык хамсыырын бэлиэтииллэр, Дьикимдэ – Куду-Күөл учаастагар уу таһыма 10 см. ордук үрдээбэтэх. Токоҕо уу таһыма кыралаан хамсыыр, арахсара, халбаҥнааһына сууккаҕа 20-40 см тэҥнэһэр. Чугастааҕы сууккаларга, Токоҕо муус барара күүтүллэр, оттон ыам ыйын 14-16 күннэригэр Дьикимдэ – Куду-Күөл учаастагар өрүс арыллыыта былааннанар.

Алдан уонна кини салааларын былаһын тухары уу таһыма 5- тэн 35 см тэтимнээхтик үрдээн иһэр, онон сорох сирдэринэн муус суураллыыта уонна муус хараарыыта бэлиэтэнэр. Өрүстэр эстиилэрэ ыам ыйын 14-16 күннэригэр, Суон-Тиит — Томмот диэки, ыам ыйын 15-17 күннэригэр Мил-Петропавловскай – Элдьикээн  күүтүллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА