Өлүөнэ өрүс мууһа Дьокуускай аннынан эйэ-дэмнээхтик устан иһэн, уу аҕыйах буолан, аны Хаҥалас (Кангалассы) аттыгар харан турар.
Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениета иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 18 күнүн сарсыарда 8 чаастааҕы бэлиэтээһининэн, Ымыйахтаах, Партизан, Никольскай аттынан муус барбакка турар. Хаҥалас (Кангалассы) аннынан уу таһыма суукка иһигэр 69 см үрдээн, билигин 847 см тэҥнэстэ.