20 Муус устар 20.04
  • -0°
  • $ 93,44
  • 99,58

Дойду бүддьүөтэ: биэнсийэ, хамнас алын кээмэйэ, босуобуйа

11:01, 27 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Алтынньы 28 күнүгэр Госдумаҕа дойду бүддьүөтүн «нулевой» ааҕыыга көрүөхтэрэ. Саҥа бүддьүөт барылынан биэнсийэ, хамнас, тиийинэн олоруу алын кээмэйэдэрэ инфляцияны куоһаран үрдүөхтэрэ. Итини таһынан 6,5%-наах ипотека бырагыраамата уһатыллыа, сэдэх ыарыылаах оҕолору эмтээһиҥҥэ 60 миллиартан элбэх үп көрүллүө. Бу туһунан Парламентская газета. суруйар.


Дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин социальнай эбэһээтэлистибэлэр оннунан хаалалларын эттэ.

Госдума спикерэ Вячеслав Володин дойду экономиката тупсар түгэнигэр тыа сирин сайдыытын, чэпчэтиилээх ипотеканан дьиэ туттуутун өйүүрү эттэ.

2021 сылга доруобуйа харыстабылыгар ороскуот ВВП 3,8% ылыаҕа, ити 2019 сыл көрдөрүүтүнээҕэр улахан. Биэнсийэ 6,3% (инфляция — 3,7%), хамнас алын кээмэйэ — 5,5% үрдүө. Тиийиммэт ыаллары өйөөһүҥҥэ 400 миллиард солкуобай кэриҥэ үп көрүллүбүт.

2021 сылга дохуот 18,77 триллион солк тэҥнэһиэ, 2022 сылга — 20,64, 2023 сылга — 22,26 триллион солк. Ороскуот 2021 сылга 21,52 триллион солк, 2022 сылга — 21,88 триллион солк, 2023 сылга — 23,67 триллион солк.

Национальнай бырайыактарга 2021 сылга 2,25 триллион солкуобай, 2022 сылга — 2,62 триллион солкуобай, 2023 сылга — 2,79 триллион солк көрүллүө.

Экономика министиэристибэтин ааҕыытынан дойду экономиката 2021 сылга 3,3 бырыһыан, 2022 сылга — 3,4, 2023 сылга — үс бырыһыан үрдүө. ВВП кээмэйэ 2021 сылга 115,53 триллион солк, 2022 сылга — 124,22 триллион солк, 2023 сылга — 132,82 триллион солкуобайга тэҥнэһиэ. Үс сылга инфляция түөрт бырыһыантан үрдүө суоҕа.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/mishustin-rasskazal-o-povyshenii-pensij-i-posobij-v-2021-godu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА