23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Чыбааҕылаахха Мэҥэ Хаҥаластан илдьиллибит саха сүөһүлэрэ кыстыгы этэҥҥэ аһардаллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Былырыын Чыбааҕылаах нэһилиэгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан саха боруода сүөһүлэрин аҕалтарбыттара.  Үлэни Албан Старков хаһаайыстыба тэринэн сүрүннүүр.

Сүөһүлэр кыстыгы хайдах туораабыттарын туһунан тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Роман Павлов «Индигир уоттара» хаһыакка кэпсээтэ:

— Сүөһүлэр этэҥҥэ кыстаан эрэллэр. Икки бургунас, биир атыыр оҕус, түөрт тыһаҕас баар. Сүөһүлэри Василий Готовцев кыһамньылаахтык көрөр-истэр. Олус бор эбиттэр. Отторугар улаханнык талымастаабаттар. Тымныыны да тулуйаллар. Кыһын -50 кыраадыска ойбоҥҥо уулууллар.

Исписэлиис эппитинэн, икки ынах уулаах диэн сабаҕалыыллар. Күөххэ үктэнэр саҕана төрүүллэрэ буолуо диэн сабаҕалыыллар.

Ааптар: «Индигир уоттара» хаһыат, Муома улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА