Төлөй нэһилиэгин 65 саастарын туолбут үбүлүөйдээхтэрэ нэһилиэнньэҕэ сэргэх тэрээһиннэри ыыттылар, диэн Чурапчы Live телеграм-ханаал суруйар.
Тэрээһиннэри Владимир Николаевич Абрамов, Егор Егорович Адамов, Маргарита Афанасьевна Борисова, Алексей Кириллович Васильев, Дмитрий Афанасьевич Дьячковский, Владимир Миронович Захаров, Николай Николаевич Крюков, Екатерина Михайловна Попова, Матрена Николаевна Смирникова ыыттылар.
Ахсынньы 1-2 күннэригэр кинилэр хабылыкка, дуобакка, салгын саанан ытыыга уонна түөлбэлэринэн волейболга күрэхтэһиилэри ыыттылар. Онтон ахсынньы 3 күнүгэр «Аартык» НАДь «Бар дьоҥҥо үөрүүбүтүн үллэстэн» диэн дьоро киэһэ буолла. Бу күн үбүлээрдэр уонна кинилэр чугас дьоно кыттыылаах кэнсиэр буола. Тэрээһин кэмигэр спорт көрүҥнэригэр миэстэлэспиттэргэ бириистэрин туттардылар.
Кэнсиэр саҕаланыытыгар көрөөччүлэри минньигэс астаах фуршетынан көрүстүлэр, бүтүүтүгэр минньигэс туордунан күндүлээтилэр. Бу тэрээһин Владимир Миронович Захаров көҕүлээһининэн уонна тэрийиитинэн буолла.
Евдокия АРЖАКОВА, Чурапчы