Аллайыаха улууһун Чокуурдаах нэһилиэгэр «Эдэр ыал – Аллайыаха кэскилэ» диэн ааттаах эдэр дьиэ кэргэн күрэҕэ буолан ааста.
Үс ыал сэттэ түһүмэхтэн турар бэрт бэһиэлэй уонна истиҥ күрэххэ кыттыыны ылла. Бэйэни билиһиннэрии, спортивнай күрэх, талааны көрүү, араас быһыылаах түгэни оҥорон көрүү, боппуруоска эппиэттээһин, чүмэчилээх киэһээҥи аһылык, оҕо авангарднай муодата көрөөччүнү даҕаны, кыттааччыны даҕаны сэргэхситтилэр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн «Эдэр ыал – Аллайыаха кэскилэ» диэн үрдүк ааты үс кырачаан оҕолоох Анна уонна Андрей Слепцовтар дьиэ кэргэнэ ылан, 15 тыһыынча солк.суумалаах бирииһинэн наҕараадаланна.