Черскэй олохтоохторо Ан-2 сөмөлүөт пааматынньыгын саҥартылар. Авиация бэтэрээннэрэ Леонид Борисов уонна Марат Мочегусов көҕүлээһиннэринэн, Черскэй аэропордун итиэннэ «Аэропорты Севера» тэрилтэ кэлэктииптэрэ уопсай сүбэнэн сөмөлүөтү чөлүгэр түһэрдилэр. Бу туһунан ulus.media суруйар.
Хоту дойду дьонун элбэхтик абыраабыт Ан-2 сөмөлүөт пааматынньыгын Халыма өрүс үрдүгэр 2006 сыл олунньутугар үөрүүлээх быһыыга-майгыга оччотооҕу аэропорт дириэктэрэ Леонид Борисов, авиация бэтэрээнэ Валерий Ширкин, нэһилиэк олохтоохторо аспыттар.
Онтон ыла элбэх сыл ааста… Пааматынньык эргэрэн, сорох чаастара туллан, алдьанан, сүтэн, кырааската хоҥнон, мөкү көрүҥнэммититин бу сайын авиация бэтэрээннэрэ Леонид Борисов уонна Марат Мочегусов көҕүлээһиннэринэн, Черскэй аэропордун итиэннэ «Аэропорты Севера» тэрилтэ кэлэктииптэрэ сөмөлүөтү чөлүгэр түһэрдилэр.
Черскэй аэропорда көлүөһэлэри, кабина уотун, кирилиэһи биэрбит, урбаанньыттар Валерий Давиденко, Данил Войный кыраасканан, туттар малынан көмөлөспүттэр. Сергей Копылов пааматынньык турар сиригэр хайа тааһын аҕалан биэрбит, Зеленомысскайдааҕы өрүс пуордун дириэктэрэ Михаил Бабичев погрузчик уларсыбыт, аэропорт тырахтарыыһа Гаврил Третьяков пааматынньыгы оннугар булларыынан дьарыктаммыт. Сөмөлүөтү Иван Негнюров, Алексей Курило, Николай уонна Татьяна Дизовтар, Инара Мингажева кырааскалаабыттар.
Сүрүн үлэни бэтэрээннэр Леонид Борисов уонна Марат Мочегусов оҥорбуттар.