Саха сирин прокуратурата Челябинскай уобалас түөрт олохтооҕор холуобунай дьыалаҕа буруйдуур уурааҕын бигэргэттэ. Кинилэр бөдөҥ хоромньуну таһаарыыга РФ ХК 11 эпизодугар (РФ ХК 159-с ыстатыйатынан 4-с чааһыгар көрүллүбүт түөкүннээһин (түөкүннээһин, ураты хоромньуну таһаарыыга буруйданаллар). Хоромньу уопсай суумата 11 мөл. солк. буолбут, диэн СИА-ҕа прокуратура пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Буруйданааччылар 2019 сыл ахсынньытыттан 2020 сыл атырдьах ыйыгар диэри баан тэрилтэлэрин үлэһиттэрин ааттарыттан дьоҥҥо эрийэн харчыларын уорбуттар. Массыанньыктаан киллэрбит харчыларын суумата 11 мөл. солк. тахса буолбут.
Үс буруйданааччыны хаайдылар, төрдүс киһилэрэ дойдуттан тахсыбатын туһунан суруктаах.