Бырабыыталыстыба «Семейная ипотека» бырагырааманы 202 сылга диэри уһатары эттэ. Уураахха бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин илии баттаата, СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.
«Президент сорудаҕынан бырабыыталыстыба дьиэ кэргэн ипотекатын уһатта, элбэх эдэр төрөппүт дьиэлэнэрин туһугар. Чэпчэтиилээх усулуобуйанан 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри туһаныахха сөп», — диэтэ миниистирдэр кабинеттарын салайааччы.
Кини 2023 сылга маннык ипотеканан 150 тыһыынча ыал туһаныан сөбүн иһитиннэрдэ. «Барыллаан суоттааһынынан, уопсай иэс бэриллэр суума 1 трлн солк», — диэтэ Мишустин.
Балаҕан ыйын бүтүүтүнээҕи дааннайынан бырагырааманан 400 тыһыынча ыал туһаммыт. Уопсай суума 1,4 трлн солк.