“Эйэ ыһыаҕа” саха национальнай бырааһынньыга 2025 сылга Монголияҕа ыытыллара былааннанар. Тэрээһин бэс ыйын 7-8 күннэригэр Аргалант «Монгол Номадик» турбаазаҕа буолуоҕа. Ол туһунан тас дойдуларга сибээс министиэристибэтэ суруйда.
Ыһыахха араас норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирин ураты баай култууратын кытта билсэр кыахтаныахтара, Россия уонна Монголия норуоттарын сибээстэрин бөҕөргөтүөхтэрэ.
Бырааһынньык сүрүн сыала — норуоттар доҕордоһууларын сайыннарыы, култууралар бииргэ үлэлииллэрин бөҕөргөтүү, Россия уонна Монголия култуураларын байытыһыыга усулуобуйаны тэрийии.
Маны сэргэ, Саха сирин төрүт омуктарын национальнай култуураларын киэҥ араҥаҕа таһаарыы, хотугу сир үгэстэрин, историятын, ураты айылҕатын көрдөрүөхтэрэ.
Бырааһынньыгы тэрийээччилэринэн Монгол-Саха уопсастыба уонна Монголияҕа олорор сахалар түмсүүлэрэ буолуоҕа. “Эйэ ыһыаҕа” Саха сиринээҕи тас дойдулары кытта үлэ министиэристибэтэ, култуура министиэристибэтэ, А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин өйөбүллэринэн ыытыллыаҕа.
Санаттахха, Эйэ ыһыаҕа – араас дойдуга ыытыллар бырайыак. 2024 сылга Сербияҕа буолбута, Белград куоракка Прогар сиригэр, манна 17 дойдуттан 150 Саха сириттэн төрүттээх дьону муспута.